Саха сиригэр 95 тыһыынча кэриҥэ оҕоҕо биир кэлим босуобуйа ананна

Share

Биир кэлим босуобуйа сокуона күүһүгэр киириэҕиттэн, атырдьах ыйын 24 күнүнээҕи дааннайынан, Саха сиригэр судаарыстыбаннай өйөбүл саҥа дьаһалынан 94 958 оҕоҕо, 3 497 хат дьахтарга босуобуйа ананна. РФ Социальнай пуондатын салаатынан 8 млрд 289 мөл. 459 тыһ. солкуобай биир кэлим босуобуйаны ылааччы дьиэ кэргэҥҥэ ыытылынна. 

Ол туһунан бүгүн брифиҥҥэ РФ Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Марина Герман иһитиннэрдэ.

Биир кэлим босуобуйаны ыларга сайабылыанньаны “Госуслуги” портал, Элбэх өҥөнү оҥорор киин нөҥүө, эбэтэр, Социальнай пуондаҕа тиийэн биэриэххэ сөп.

«Сайабылыанньаны 10 күн иһигэр көрөллөр. Сорох түгэннэргэ муҥутуур болдьоҕо 30 үлэ күнэ буолуон сөп. Босуобуйа анааһынын туһунан быһаары ылыллыбытын кэннэ, бастакы көрүллүбүт үп-харчы биэс үлэ күнүн устата ыытыллар. Онтон салҕыы ый саҕаланыыта биэриллэр буолар», — диэн Марина Герман бэлиэтээтэ.

Сиһилии сыылканан билсиҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago