Саха сиригэр аан бастакытын Илиҥҥи байыаннай уокурук «Мы есть мы» ансаамбыла кэнсиэртиэ

Share

Илиҥҥи байыаннай уокурук «Мы есть мы» вокальнай-инструментальнай ансаамбылын кэнсиэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис Антифашистскай пуорум чэрчитинэн ыытыллар диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ансаамбыл байыаннай дьайыы зонатыттан кэлиэҕэ. «Мы есть мы» ансаамбыл кэнсиэртэрин бүтүн аан дойду билэр. Бөлөх Хабаровскайга уонна Владивостокка буолбут бэстибээллэргэ элбэхтик кыттыбыта.

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан «Мы есть мы» сайдыы саҥа кэрдииһигэр киирдэ. Бөлөх бойобуой сорудаҕы толоро да сылдьан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна босхоломмут сирдэр олохтоохторугар анаан кэнсиэртиир. 2022 сыл бэс ыйыгар ансаамбыл Белгород уобалаһыгар уонна босхоломмут Купянскайга байыаннайдары уонна олохтоох дьону өйөөн кэнсиэрдээбитэ.

Кэнсиэртэр Дьокуускйа куоракка сэтинньи 4 күнүгэр 16:00 ч. П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай  драматическай тыйаатырыгар (Орджоникидзе уул., 1), сэтинньи 6 күнүгэр киэһэ 16:00 ч. – А.Е. Кулаковскай норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр (Поярков уул., 4) буолуохтара. Ону тэҥэ сэтинньи 5 күнүгэр 16:00 чаастан Нам сэлиэнньэтигэр М.К.Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар кэнсиэр буолуо (Илья Винокуров уул. 19).

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо эр санаалаах буолуу уонна сомоҕолоһуу тыына иҥмит патриотическай ырыалары истэн дуоһуйуохтара.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр

Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…

28 минут ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 22-29 күннэрэ)

ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруо­руммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

13 часов ago