Саха сиригэр аан дойду таһымнаах үрдүк үөрэхтэр кампустара тутуллуоҕа

Share

“Саха сиригэр аан дойду таһымнаах кампус билимҥэ-үөрэххэ кэнсиэпсийэтэ” стратегическай сиэссийэни өрөспүүбүлүкэ Экэниэмикэҕэ министиэристибэтэ Инновационнай менеджмен үрдүкү оскуолатын былаһааккатыгар ыытта.

“Бу киэҥ далааһыннаах инфраструктурнай бырайыак – М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет көҕүлээһинэ. Кампус Уһук Илини уонна Хотугу Арассыыйаны инники күөҥҥэ турар хайысхаларынан  сайыннарыыга идэлээх дьону хаачыстыбалаахтык бэлэмниир инниттэн, билим-үөрэх үрдүк технологиялаах эйгэтин тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэ бары сүрүн үрдүк үөрэхтэрин түмүөҕэ”, — диэн эрдэ Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээн турар.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Үрдүк үөрэхтэр икки ардыларынааҕы кампус кэнсиэпсийэтин ырытыһыыга үрдүк, орто, эбии үөрэх тэрилтэлэрэ, сайыннарар институттар, биисинэс уонна эрэгийиэн судаарыстыбаннай былааһын уорганын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

“Сиэссийэ кыттыылаахтара бырайыакка инвестиционнай болҕомтону үрдэтиигэ комплекснай этиилэри түмтүлэр. Кампус кэнсиэпсийэтэ аныгы үрдүк технологиялаах билим-үөрэтэр эйгэтин тэрийиигэ үрдүк, орто, эбии үөрэх тэрилтэлэрин уонна биисинэһи түмүүгэ туһаайыллар. Бырайыак интэриэһинэй, киэҥ хабааннаах уонна Дьокуускай куорат маастар-былааныгар киирэ сылдьар”, — диэн Саха сирин экэниэмикэҕэ министиэристибэтин федеральнай бырагыраамалары кытта үлэҕэ уонна судаарыстыбаннай хапытаалынай үбү угууга департаменын салайааччыта Анна Кокорина бэлиэтиир.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Бырайыагы олоххо киллэрэргэ үбүлээһини көрдөттөрүүгэ сүүмэрдиир куонкуруска кытта туһугар, Дьокуускайдааҕы кампус кэнсиэпийэтин РФ Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтигэр билиһиннэриэхтэрэ.

Санатан эттэххэ, дойду бэрэсидьиэнэ 2030 сылга аан дойду таһымнаах 25 университетскай кампуһу тэрийии туһунан биэрбит сорудаҕын толорууга, өрөспүүбүлүкэҕэ Дьокуускай куорат 68-с түөлбэтигэр үрдүк үөрэхтэр икки ардыларынааҕы бырайыагы оҥороллор.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

9 часов ago