Саха сиригэр аармыйаҕа күһүҥҥү хомуур саҕаланна

Share

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 1 күнүттэн, аармыйаҕа күһүҥҥү хомуур саҕаланна. Дойдуга мобилизация ыытыллыбытынан сибээстээн, күһүҥҥү хомуур биир ый хойутаан буолла. Саха сирин байыаннай хамыһаара Александр Авдонин иһитиннэрбитинэн, быйыл хомуур хампаанньатыгар туох даҕаны улахан уларыйыы суох, арай ыҥырыллааччы ахсаана аҕыйаан биэрбит.

«Аармыйаҕа хомуурга барааччылар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барбаттар диэн бигэргэтэн этэбин. Генштаб ыйыытынан, кинилэр Донецкай, Луганскай өрөспүүбүлүкэлэргэ, Запорожскай, Херсонскай уобаластарга баар байыаннай чаастарга сулууспалаабаттар. Саха сириттэн барааччылар Илиҥҥи байыаннай уокурукка баар чаастарга сулууспалыахтара», — диир Александр Авдонин.

Хамыһаар этэринэн, Саха сирин 14 оройуонугар суол-иис суоҕунан күһүҥҥү хомуур буолбат.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үтүө холобур буолар дьиэ кэргэн

Сана үйэҕэ эргиэн үлэтигэр саҥа саҕалааһыннар кэрэхсэбиллээхтэр. Урукку кэмҥэ атыы-тутуу, эргиэн эйгэтигэр "Холбос" биир тэрилтэтэ…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Сайаана Малышева Пионерия күнүнэн эҕэрдэлиир

«Оҕо аймаҕы үрдүккэ, сырдыкка, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга сирдээбит "Мэлдьи бэлэм буол!" диэн тумус тыллаах…

40 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сардаана Дьячковская: “Дьылҕа Хаан уонна… кинигэ биһигини холбообута”

Ыам ыйын 15 күнүгэр Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтээтибит. Онон бүгүн айанньыт, орнитолог, фотограф,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сааскы халааны этэҥҥэ аһарарга кэлим дьаһаллар ылыллаллар

Нам улууһугар Арбын уонна Түбэ сэлиэнньэлэрин икки ардыларыгар муус дьапталҕатын эстэрии ыытыллыбыта түмүктэри аҕалла. Онно…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биир кэлим эксээмэн. Оҕоҕунуун бииргэ буол

Психолог сүбэтэ   Ксения Ивашковская – Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын килиниичэскэй психолога, дьиэ кэргэн психолога, консультант,…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Светлана Диодорова: «Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат»

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан амарах санаалаах дьон, волонтердар күүс-көмө буолаллар, үгүстэрэ бэйэлэрин сүрүн үлэлэрин таһынан. Госпиталларга…

3 часа ago