Салгыы
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 14 ойуур баһаара бохсулунна

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 14 ойуур баһаара бохсулунна

Ааптар:
03.07.2024, 11:13
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа  14 ойуур баһаара бохсулунна. Бу туһунан Экологияҕа, айылҕа харыстабылыгар уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

4 ойуур баһаарын Кэбээйи улууһугар, эмиэ оччо Өлүөхүмэҕэ, 2-лии – Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар, 1-дии — Сунтаар уонна Уус Маайа оройуоннарыгар умуруордулар. Ол кэмҥэ көтөр аалынан уонна космоһынан кэтээн көрүү түмүгэр  447 га иэннээх сиргэ 14 ойуур баһаара турбута билиннэ .

От ыйын 3 күнүнээҕи бу сарсыардааҥы туругунан Саха сиригэр 371 тыһыынча га иэннээх сиргэ 109 ойуур баһаара баар, ол иһигэр 4 га иэннээх сиргэ «Өлүөнэ очуостара» пааркаҕа. Ону тэҥэ Абый оройуонугар 3,4 тыһыынча га иэннээх сиргэ 1 ландшафтнай уот турбута регистрацияламмыт. Бу ойуур баһаарыттан 116 тыһыынча га иэннээх сиргэ 7-тэ умуруоруллубут , ол иһигэр Томпо оройуонун Теплый Ключ сэлиэнньэтиттэн чугас улахан ойуур баһаара турбута тохтотуллубут.

Баһаары умуруорууга 1515 киһи үлэлиир уонна 84 тиэхиньикэ туһанылынна, авиация үлэлиир. Искусственнай ардаҕы түһэрии үлэтэ салҕанан бара турар.

Саха сиригэр федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы- майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Олохтох  муниципальнай таһымнаах ыксыллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Үөһээ Халыма, Үөһээ Бүлүү, Уус Маайа, Томпо уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар киирбитэ. Ону таһынан Саха сиригэр дьон-сэргэ ойуурга сылдьарыгар хааччахтары киллэриигэ ураты баһаарынай эрэсиимэ үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 июля
  • 11°C
  • Ощущается: 10°Влажность: 71% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: