Саха сиригэр айти-салаа сайдар

Share

«Айти» диэтэхпитинэ, эһиги тугу өйдөөн-санаан кэлэҕит? Арааһа, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх ыччаты, исписэлиистэри буолуо дии? Күн бүгүн технологиялар тэтимнээхтик сайдар кэмнэригэр олоробут. Билигин айти суох хайысхатын ааттыыр да уустук, барытыгар баар: үөрэҕириигэ, мэдиссиинэҕэ, эниэргиэтикэҕэ, экэниэмикэҕэ, логистикаҕа, о.д.а.

Айти – олохпут сорҕото

Бастатан туран, айти диэн тугуй? Бу – информацияны харыстыыр, мунньар, ырытар уонна тарҕатар ньымалары, үбү, көмпүүтэргэ информация систиэмэлэрин үөрэтии, оҥоруу, сайыннарыы, олоххо киллэрии холбоһуга буолар. Айти-салааларыгар тест оҥорооччулар, инженердэр, администратордар, дизайнердар, аналитиктар уо.д.а. бааллар.

Тулабыт өттө барыта — айти: сыыппара сервистэрэ, сыһыарыылар, саайтар, куйаар-кодтар, автоматизированнай пааркалар уонна, бэл диэтэр, смартфон нөҥүө самокаттары уларсыы. Бу — айти-эйгэ өссө кыра өттө. Онон сыыппара бородууксуйаларын оҥорор, өйүүр исписэлиистэргэ наадыйыы, ирдэбил, интэриэс улаатан тураллар.

Айти-исписэлиистэр тугунан дьарыктаналлар?

Кинилэр көмпүүтэри бырагырааманан хааччыйаллар, саайтары, сервистэри уонна да атын сыыппара бородууксуйаларын оҥорон таһаараллар. Бу бырайыактары уонна тестэри оҥорооччулар, ону тэҥэ дизайнердар сүрүн соруктара буолар.

Атын үрдүк технологиялары бырагыраамалааннар, бырактыычаскай уопуту тэрийэллэр. Бириэмэни аттарыы, үлэ уонна матырыйаал ресурсаларын көдьүүстээхтик тэрийии соруктарын быһаараллар.

Тиэхинньиичэскэй сорудахтары оҥороллор, атын бырайыактары салайаллар, бородууксуйаны ырыталлар уонна хайдах тупсарарга кыраапык оҥостоллор. Ити барыта менеджер эбээһинэстэрэ, ол харчынан digital-менеджердэр дьарыктаналлар.

Айти-хайысхаҕа ханна үөрэнэллэр?

Сахабыт сиригэр айти-хайысхата Уһук Илиҥҥэ биир бастыҥ кэккэҕэ сылдьар. Үөрэх – бараммат баай диэн өс хоһооҥҥо этиллэринии, баҕалаах киһи тугу баҕарар ситиһэр. Ол курдук, биидьийэ-уруоктан саҕалаан үрдүк үөрэх бакалавриатыгар, магистратуратыгар тиийэ үөрэниэххэ сөп.

Туох барыта, ону кытта, үөрэх ыраттан саҕаланар. Ол курдук, 2021 сыллаахха Дьокуускайга «IT-куб» сыыппара үөрэхтээһинин киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта. Аныгы олох ирдэбилигэр толору хоруйдуур эбии үөрэхтээһин былаһаакката аныгы сайдыылаах үйэни кытта тэҥҥэ хардыылыыр. Манна көмпүүтэр кыраапыкатыттан саҕалаан, 3D кыраапыканы оҥорорго, «Python”, «Java» тылларынан бырагыраамалааһын төрүттэригэр тиийэ үөрэтэллэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ «IT-куб» сыыппара эйгэтигэр Дьокуускай куорат биир тарбахха баттанар, кэнчээри ыччаты IT-технологияларыгар умсугутар үөрэх сүрүн кыһата буола үүннэ.

Оҕолору көмпүүтэргэ үлэлииргэ үөрэтэр “Алтан” IT-оскуола үлэлээбитэ номнуо төрдүс сыла.
Бу үөрэх оскуола саамай кыра үөрэнээччилэригэр ананар. Иккис-төрдүс кылаас оҕолоругар анаан таҥыллыбыт бырагырааманы биир ый иһигэр үөрэтиэхтээхтэр. Ирдэбил кыра — оҕоҕо үлэлиир көмпүүтэрдээх, веб-камера уонна микрофон баар буолуохтаах. Веб-камера хайаан да баара ирдэммэт, учуутал кини үлэтин микрофон нөҥүө салайыаҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Билим дьоҕус академиятыгар оҕолор ый ахсын араас хайысхаҕа дьарыктаналлар.

М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Арктикатааҕы ускуустуба уонна култуура судаарыстыбаннай института, Арктикатааҕы агротехнологическай университет курдук үрдүк үөрэхтэргэ айти-салаалаах үөрэхтэр, хаапыдырылар бааллар. Холобур, ХИФУ-га – инновационнай технология кэллиэһэ.

Айти-хайысхаҕа ханна үлэлииллэр?

Айти-эйгэ барытын хабар кэриэтэ. Дьокуускайга бөдөҥ айти-паарка үлэлиир.

Бу идэни толору баһылыырга уонна үлэлииргэ бириэмэ ирдэнэр. Үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит оҕолор үксүлэрэ хампаанньаҕа стажер быһыытынан кэлэллэр. Ханна баҕарар буоларын курдук, кэллиэгэлэрин хонтуруолларынан үлэлииллэр-хамсыыллар уонна уопутураллар.

Айти-үлэһит киһи түргэнник үөрэнимтиэ буолуохтаах. Биир сиргэ турбат идэ буолар.

Оҕо үөрэххэ киириэн иннинэ кэнэҕэскитин үлэлиир хайысхатын талыан наада: (дааннайдары хомуйуу уонна ырытыы), массыынаны үөрэтии (ускуустубаннай интеллеги уонна нейро-сеттэри кытта үлэ), саайтары уонна сыһыарыылары оҥоруу, информацияны көмүскээһин, тестэри ыытыы.

Үлэ көдьүүһэ

Айти-испилиистэргэ ирдэбил тиһигин быспакка улаатан иһэр. Сыыппара бородуукталара улааталлар. Инникитин саҥа технологиялары, кыахтары олоххо киллэрэр дьон үксээн иһэр.

Үрдүк хамнас. Үчүгэй исписэлиистэр хампаанньаҕа үгүс дохуот аҕалаллар, онон хамнастара үгүөрү. Карьера түргэнник үрдүүр. Биир сылынан хамнастарын икки төгүл улаатыннарар кыахтаналлар.

Кэскиллээх саҕахтар

Бу сыл балаҕан ыйыттан Дьокуускай куоракка IT-идэлэргэ үөрэтэр «Школа-21» үлэтин саҕалыаҕа. Бу оскуола хас биирдии үөрэнээччитэ бэйэтэ тус кыраапык оҥостон үөрэнэр кыахтаныаҕа. Айти-оскуола Уһук Илин эрэгийиннэриттэн бастакынан Саха сиригэр аһыллыаҕа.

«Школа-21» дириэктэрэ Александр Федяков биллэрбитинэн, бырайыак дойду үрдүнэн ситиһиилээхтик сайдар. Оскуола үөрэнээччилэрэ табыгастаах бириэмэлэригэр үөрэниэхтэрин, куодтары оҥоруохтарын сөп. Бу маннык сүүрээн үөрэҕи уонна үлэни дьүөрэлииргэ табыгастаах. Тута бастакы күнтэн кыттааччылар IT-эйгэҕэ киириэхтэрэ.

Дьокуускайга «Школа-21» оскуола өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан үлэлиэҕэ. Кыттааччы ханнык баҕарар идэлээх киһи буолуон сөп. Быраактыка көрдөрөрүнэн, атын куораттарга оскуола выпускниктара үлэ ырыынагар былдьаһыкка сылдьаллар.

Дьокуускайга «Школа-21» «Өрөгөй» успуорт комплексын аттыгар баар «MyTona» хампаанньа урукку дьиэтигэр баар буолуоҕа. Өрөмүөн ыытыллара, аныгы тэрилинэн хааччыллара былааннанар.

Ону таһынан, балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайга «Сэргия» университет сыыппара идэлэригэр кэллиэһэ аһыллыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар анимацияттан сыыппара куттала суох буолуутугар диэри араас хайысхалаах айти-исписэлиистэри бэлэмниэхтэрэ.

Эльдар САДОВНИКОВ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

5 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

9 часов ago