“Цифровой алмас” пуорум кэмигэр Саха сирин уонна Запорожье уобалаһын холбоһуктаах бырайыактарынан “Алдан” киинэ биһирэмэ буолла. Аатырбыт “Рядовой Чээрин” киинэ ааптара Дмитрий Кольцов режиссердаабыт. Сюжетын бу бырайыак генеральнай дириэктэрэ Данил Куликов биллэр актер, сценарист, режиссер Иван Охлобыстины кытта толкуйдаабыттар.
Киинэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн оҥоһулунна, ону тэҥэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөбүтэ.
“Алдан” – анал байыаннай дьайыы туһунан эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бастакы уус-уран бырайыак. Сүрүн дьоруойу актер Илья Яковлев оонньоото. Киинэҕэ Саха сирин артыыстарын сэргэ Арассыыйа артыыстара, ол иһигэр Иван Охлобыстин уонна Дмитрий Дюжев уһулуннулар. Ону тэҥэ бэлиитик уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Джефф Монсон кытынна.
Киинэ Саха сириттэн баҕа өттүнэн кыттыбыт Спиридон Дьяконов туһунан кэпсэнэр. Хартыынаҕа дьиҥнээх түгэннэр үгүстэр. Сүрүн дьоруой прототибынан Саха сириттэн байыаннай быраас Николай Потапов буолар, кини Эр санаа уордьанынан наҕараадаламмыта. Бу наҕараадатын Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ Павловканы штурмалааһыҥҥа көрдөрбүт хорсун быһыытын иһин ылбыта.
“Мин Николайы кытта билсибитим ыраатта, кини быраас эрэ буолбакка, ИТ-бырайыактары төрүттээччи, “Якутия” технопарка резиденэ. Билигин “ЭкспоСкиллс” диэн 700 оҕо үөрэнэр ИТ-оскуолатын уонна ДНӨ Кировскай куоратыгар ИТ-киини салайар. Быйыл Николай Cryolite Games видео-оонньуулары оҥорор студияны төрүттээтэ. Киинэттэн олус долгуйдум. Бу саамай киэҥ хабааннаах Саха киинэтэ. Киинэ улахан чааһын өрөспүүбүлүкэбитигэр уһулбуттара, креативнай кластер кыаҕа туһаныллыбыта: XR виртуальнай кинопродакшен студиялара, хромакей студиялара уо.д.а, — диэтэ Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов.
Хартыына релиһэ улахан экраҥҥа уонна интэриниэт-платформаларга 2025 сыл олунньу ыйга тахсыаҕа.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах. Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…
Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…
Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…
ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…
Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…