Саха сиригэр «Алҕаатаҕым буоллун саҥа ыччаппын» диэн ааҕааччылар куонкурустара саҕаланна

Саха сиригэр «Алҕаатаҕым буоллун саҥа ыччаппын» диэн ааҕааччылар куонкурустара саҕаланна

28.03.2024, 09:00
Хартыына СӨ Бырабыыталыстыбатын сайтыттан
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр, кулун тутар 27 күнүгэр, саха уус-уран литературатын төрүттээбит, сырдатааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл, духуобунйа лиидэр А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй биэс сыллаах былаанын чэрчитинэн «Алҕаатаҕым буоллун саҥа ыччаппын» сыл аайы ыытыллар үөрэнээччилэр ортолоругар ааҕыы өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһа саҕаланна.

«Куонкурус онлайн көрүҥүнэн ыытыллар. Кулун тутар 28 күнүгэр биирдиилээн ааҕааччылар уонна кэлэктиибиинэн кыттааччылар ортолоругар бастыҥнары быһаарыахтара. Кыттааччылар икки бөлөҕүнэн арахсаллар: бастакы бөлөх – 1— 6-с кылааска диэри үөрэнэр, иккискэ – 7—11-с кылааска диэри үөрэнэр оҕолор», – диэн түмэл методиһа Мария Пестрякова кэпсиир.

Куонкурус кыттыылаахтара 5-7 мүнүүтэлээх сахалыы уонна нууччалыы айымньыны эбэтэр А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй үлэтиттэн быһа тардыыны ааҕар видео устууларын ыыппыттар.

«Куонкуруска барыта 70-н тахса видео устуу киирбит. Мииринэй, Ленскэй, Дьокуускай, ону таһынан Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Өймөкөөн уонна Орто Халыма улуустарын үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кытталлар», – диэтэ Мария Пестрякова.

Кини бэлиэтээбитинэн, сыаналыыр бөлөх састаабыгар быйыл биллэр-көстөр историктар, литератордар, артыыстар, ол иһигэр Саха тыйаатырын артыыһа Айталина Цыпандина, ХИФУ РФ Хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылын уонна култууратын институтун Саха литературатын кафедратын доцена Саргылана Егорова уо.д.а. киирдилэр.

«Алҕаатаҕым буоллун саҥа ыччаппын» ааҕыы куонкуруһун кыайыылаахтара уонна дипломаннара сыаналаах бириистэринэн – кинигэнэн, киинэҕэ уонна тыйаатырга билиэтинэн, ювелирнай оҥоһуктарынан наҕараадаланыахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: