2021 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан уһулуччу талааннаах оҕолору булар уонна өйүүр бырайыак саҕаламмыта. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар талааннары булар уонна миэстэтигэр үлэни ыытар туһугар көһө сылдьан үлэлиир эспэдииссийэлэр тэриллибиттэрэ. Бу бырайыак АЛРОСА үбүлээһининэн олоххо киллэриллэр.
Бу нэдиэлэҕэ, алтынньы 9-11 күннэригэр, СӨ Уһулуччу талааннаах оҕолору булар уонна өйүүр эрэгийиэннээҕи киин дэлэгээссийэтэ Нам улууһун үөрэҕин тэрилтэлэригэр ол иһигэр түөрт нэһилиэк уонна Нам сэлиэнньэтин оскуолаларын үөрэнээччилэригэр, сырытта. Үөрэхтээһин көһө сылдьар эспэдииссийэтэ өрөспүүбүлүкэ Үүнэр көлүөнэтин тус сыаллаах пуондатын 30 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн ыытыллар.
Пуонда генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров иһитиннэрбитинэн, эспэдииссийэ хамаандата араас маастар-кылаастары, сэминээрдэри, олимпиадалары, лиэксийэлэри уонна “Успуорт”, “Наука”, “Ускуустуба”, “Креативнай индустриялар” хайысхаларынан оҕолорго тургутуу ыытта. Ону таһынан дэлэгээссийэ исписэлиистэрэ учууталлары, ыччаты уонна нэһилиэнньэни кытары социальнай бырайыактарга үлэлээтилэр.
«Биһиги 1000-тан тахсан уһулуччу талааннаах оҕону хабан үлэлээтибит. Кинилэр биһиги сүрүн үөрэхпит тэрилтэлэригэр ыҥырыылары хайыы үйэ туттулар. Оскуола учууталлара оҕолору сайыннарарга усулуобуйаны тэрийиигэ араас креативнай идиэйэлэрдээхтэр. Биһиги кинилэри кытары ханнык бырайыактар чахчы олоххо киириэхтэрин сөбүн дьүүллэстибит”, – диэн Владимир Егоров кэпсээтэ.
Кэлэр кэскилбит өйүн-санаатын уонна айар дьоҕурун сайыннарыы уһулуччу талааннаах оҕолору араас салааҕа өйөөһүнэ, аадырыстаах көмөнү оҥоруута суох кыаллыбат.
«2021 сылтан биһиги Саха сиригэр хас да хайысхаҕа эдэр талааннары буларга үлэлиибит уонна сыл аайы сэттэлии улууска сылдьабыт. Үөрэхтээһин эспэдииссийэтин кэмигэр Киин 50-тэн тахса эспиэрэ – тириэньэрдэр, учууталлар уонна психологтар оҕолор интэриэстэрин, эт-хаан өттүнэн сайдыыларын уо.д.а. үчүгэйдик үөрэтэллэр. Ол гынан баран, биһиги сүүмэрдээһининэн эрэ дьарыктаммаппыт, кинилэри салҕыы сайдар суолларынан хайысхалыыбыт, ыйан-кэрдэн биэрэбит. Онуоха биһиги киэҥ нэлэмэн өрөспүүбүлүкэбит саамай ыраах сытар сирдэригэр тиийэргэ кыһаллабыт. Мин санаабар, хас биирдии оҕо бырайыакка кыттар, талаанын арыйар, Арассыыйа ааттаах-суоллаах үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэр уонна инникитин бэйэтин эйгэтигэр үчүгэй исписэлиис буолар кыахтанар”, – диэн Дьоҕус академия ректора, СӨ Уһулуччу талааннаах оҕолору булар уонна өйүүр эрэгийиэннээҕи киинин салайааччыта Василий Павлов бэлиэтээн эттэ.
Эспэдииссийэлэр 18 улууска – Саха сирин киин өттүгэр, Бүлүү бөлөх улуустарга уонна хотугу сиргэ үлэлээтилэр. 2021 сылтан бырайыакка 14 тыһыынчаттан тахса оҕо хабылынна. Сыл түмүктэниэр диэри үөрэхтээһин эспэдииссийэлэрэ Мииринэй уонна Нерюнгри улуустарыгар тиийэллэрэ былааннанар.
Наука араас салаатыгар бэйэлэрин көрдөрбүт оҕолор математика, биология, химия уонна физика олимпиадаларыгар кытталлар, бырайыактыыр мастарыскыайдарга, идэҕэ хайысхалыыр тэрээһиннэргэ кытталлар.
Киин эспиэрдэрэ оҕолору кытары туһааннаах үлэлэрин сэргэ, улахан болҕомтолорун миэстэтигэр үлэлиир учууталларга уонна тириэньэрдэргэ уураллар, кинилэр маастар-кылаастары уонна идэни үрдэтэр куурустары ыыталлар. Бу – эспэдииссийэ биир суолталаах өрүтүнэн буолар. Тоҕо диэтэххэ, учуутал соругунан оҕо кыаҕын булуу уонна сайыннарыы буолар.
«Биһиги элбэх талааннаах, уһулуччулаах уонна эт-сиин өттүнэн чэгиэн оҕо хотугу улуустарга баарын билэбит. Кинилэр ыарахан айаннаах Арктика нэһилиэнньэлээх пууннарыгар олороллор. Бу оҕолор төһө да баҕарбыттарын уонна чахчы кыахтаахтарын да иһин, куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ кыттар эбэтэр үөрэх анал тэрилтэлэригэр киирэр кыахтара суох”, – диэн Киин дириэктэрин солбуйааччы, СӨ муниципальнай тэриллиилэригэр үөрэхтээһин эспэдииссийэтин оробуочай бөлөҕүн салайааччы Аграфена Колесова кэпсээтэ.
«Биһиги бырайыак бэйэтин түмүгүн көрдөрөр диэн бигэтик этиэхпитин сөп. Холобур, Успуорка солбугу бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин 2021-2022 сыллар түмүктэринэн интэринээт бөлөхтөрүгэр 40-тан тахса оҕону ылла. Успуорт оскуолаларын бүтэрбит 20 оҕо Физкультура уонна успуорт Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай институтугар ситиһиилээхтик туттаран киирбитэ. 100 тириэньэр-учуутал идэни үрдэтии кууруһун бүтэрдэ. Муусука үрдүкү оскуолатыгар 300-тэн тахса оҕо дьарыктанан, алта оҕо ааттаах-суоллаах үөрэх кыһатыгар киирэр кыахтаммыта. Онтон балет оскуолатын исписэлиистэрэ 6-12 саастаах тыһыынча кэриҥэ оҕону көрбүтүттэн үөрэх тэрилтэтигэр 11 оҕо хайыы үйэ талыллан киирдэ.
Биһиги айаммыт саҕаланна эрэ, ол гынан баран, сотору бу үлэбит түмүктэрин көрөргө эрэллээхпит. Биһиэхэ талааннаах мусукааннар, балериналар уонна үҥкүүһүттэр, эдэр учуонайдар уонна ааттаах-суоллаах спортсменнар баар буолуохтара. Бу барыта – үбүлүүр эрэ буолбакка, маннык бырайыактар олоххо киллэриллэллэригэр улахан кыаҕы биэрэр Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын уонна АЛРОСА хампаанньа көмөлөрүнэн”, – диэн Аграфена Колесова тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Бырайыак үлэлиир кэмин устата эспиэрдэр уһулуччулаах талааннары көрдүүр кэмнэригэр биир санааҕа кэллилэр: үлэ маннык көрүҥэ кэм-кэрдии бэрэбиэркэтин ааста уонна туһалааҕа көһүннэ. Онтон Киин бэйэтэ араас хайысхалаах анал тэрилтэлэри бииргэ түмпүтүн таһынан, сүүмэрдээһин уонна уһулуччу талааннаах оҕолору кытары салҕыы үлэлээһин систиэмэтин оҥордо.
Хас биирдии оҕо туохха эрэ дьоҕурдаах, сүрүнэ – кинилэри кэмигэр булуохха уонна сайыннарыахха наада. Уопуттаах исписэлиистэр уонна алмааһы хостуур хампаанньа көмөлөрүнэн, Саха сирин араас муннугуттан уһулуччу талааннаах оҕолор успуорт, айар дьарык уонна наука көмөлөрүнэн бэйэлэрин көрдөрөр кыахтаналлар. Онтон биһиги ааттаах-суоллаах спортсменнар, култуура диэйэтэллэрин, артыыстар, учуонайдар эйгэлэригэр саҥа чаҕылхай ааттары тулуйбакка күүтэбит.
Андрей Шилов суруйуутуттан тылбаас
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…