Саха сиригэр алта өрүскэ муус ааһар

Өлүөнэ, Дьааҥы, Индигиир, Халыма, Өлөөн, Алазея өрүстэригэр муус ааһара бэлиэтэнэр.
Өлүөнэ өрүскэ муус алын кырыыта Булуҥ оройуонун Күһүүр гидропоһуттан 70 км аллараа барар, муус хойуутук устар.
Дьааҥы өрүскэ муус Усуйаана оройуонун Усуйаана сэлиэнньэтин 30 км аллараа устар, муус сэдэхтик устар. Индигиир өрүскэ муус алын тардыыта Аллайыаха оройуонун Чокурдаах бөһүөлэгиттэн 80 км үөһээ устар.
Халыма өрүскэ муус Аллараа Халыма бөһүөлэгиттэн 10 км аллараа хойуутук устар.
Зырянка бөһүөлэгин анныгар ГЭС ууну ыытарынан уу таһыма үрдүүр. Нэдиэлэ бүтүөр диэри 5-15 см эбиллиэ. Зырянка аэропорда 45 %-нын халаан уута ылбыт.
Өлөөн өрүскэ муус Түмэт гидропоһун аллараа тардыытынан устар. Алазея өрүскэ муус алын кырыыта Аллараа Халыма оройуонун Андрюшкино сэлиэнньэтиттэн 15 км үөһээ бэлиэтэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: