Саха сиригэр алта өрүскэ муус ааһар

Share

Өлүөнэ, Дьааҥы, Индигиир, Халыма, Өлөөн, Алазея өрүстэригэр муус ааһара бэлиэтэнэр.

Өлүөнэ өрүскэ муус алын кырыыта Булуҥ оройуонун Күһүүр гидропоһуттан 70 км аллараа барар, муус хойуутук устар.

Дьааҥы өрүскэ муус Усуйаана оройуонун Усуйаана сэлиэнньэтин 30 км аллараа устар, муус сэдэхтик устар. Индигиир өрүскэ муус алын тардыыта Аллайыаха оройуонун Чокурдаах бөһүөлэгиттэн 80 км үөһээ устар.

Халыма өрүскэ муус Аллараа Халыма бөһүөлэгиттэн 10 км аллараа хойуутук устар.

Зырянка бөһүөлэгин анныгар ГЭС ууну ыытарынан уу таһыма үрдүүр. Нэдиэлэ бүтүөр диэри 5-15 см эбиллиэ. Зырянка аэропорда 45 %-нын халаан уута ылбыт.

Өлөөн өрүскэ муус Түмэт гидропоһун аллараа тардыытынан устар. Алазея өрүскэ муус алын кырыыта Аллараа Халыма оройуонун Андрюшкино сэлиэнньэтиттэн 15 км үөһээ бэлиэтэнэр.

Уу эбийиэктэригэр буруйу оҥорууну уонна быһылааны тахсыытын сэрэтэр, туоратар сыалтан, барыбыттан болҕомтолоох буолуу ирдэнэр. Уу эбийиэктэригэр куттал суох буолуута – биһиги барыбыт уопсай эппиэтинэспит. Бэйэбит уонна чугас дьоммут олохторун, доруобуйаларын харыстыыр туһугар, бары ирдэбиллэри тутуһан, сэрэхтээх буолуоҕуҥ! Этэҥҥэ сылдьыҥ!

Recent Posts

  • Спорт
  • Сүрүн

Саха сирин гимнастара инники күөҥҥэ сылдьаллар

Дьокуускайга ыытылла турар Уһук Илин эргэгийиэннэр сүүмэрдэммит хамаандаларын художественнай гимнастикаҕа биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиилэрэ Саха…

25 секунд ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Герпес уонна неврология — туох ситимнээхтэрий?

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа-Мэдиссиинэ Суһал көмөтүн киинигэр Саха сирин улуустарын Киин балыыһалара, поликлиникалар, атын балыыһалар…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эрэстэрээн оннугар – түргэн аһылык

Эспиэрдэр бэлиэтииллэринэн, дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа ааттаах-суоллаах улахан эрэстэрээннэр сабыллыыларын улахан долгуна бэлиэтэннэ. Бу маннык…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөнэ күргэтин тутуутун былаһааккатыгар өрүһү дириҥэтэр үлэҕэ бэлэмнэнии саҕаланна

«ВИС» бөлөх Өлүөнэ өрүс нөҥүө күргэни тутууга үлэни тэнитэр. Бүгүн коффердамнары туруорарга уонна өрүс ортотунааҕы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин Ытык кырдьаҕаһа Федора Иванова 104 сааһын туолла

Олунньу 14 күнүгэр Саха сирин Ытык кырдьаҕаһа, тыыл бэтэрээнэ Федора Николаевна Иванова 104 сааһын туолла.…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыастарга олунньу 23 күнүгэр анаан бэлэхтэри ыыттылар

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр диэри биир нэдиэлэттэн эрэ ордук кэм хаалла. Дьокуускайтан байыаннай дьайыы зонатыгар…

3 часа ago