Саха сиригэр алта күннээх үлэ нэдиэлэтэ саҕаланна

Share

Бу ыйга саамай уһун үлэ нэдиэлэтэ саҕаланна. Саха сирин олохтоохторо бу нэдиэлэҕэ алта күн үлэлиэхтэрэ.

Бу иннинэ Үлэ министиэристибэтэ алтынньы ый бүтүүтэ Саха сирин олохтоохторун алта күннээх үлэ нэдиэлэтэ күүтэрин туһунан иһитиннэрбиттэрэ — бу сыл алтынньы 28 күнүттэн сэтинньи 2 күнүгэр диэри. Бу Норуот сомоҕолоһуутун бырааһынньыгын бэлиэтээһинин кытта сибээстээх. Ол быһыытынан кэлэр үлэ нэдиэлэ кылгас буолуоҕа.

Субуота өрөбүл күнүн, сэтинньи 2 күнүн, оптуорунньукка, муус устар 30 күнүгэр көһөрбүттэрэ. Онон 2025 сылга муус устар 28 күнүттэн ыам ыйын 1 күнүгэр диэри биһигини уһун өрөбүллэр күүтэллэр.

Дойду Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, субуота күн, сэтинньи 2 күнүгэр үлэ чааһа кылгаан биэрэр. Ити курдук Саха сирин олохтоохторо  икки күн субуруччу сынньаныахтара — өрөбүл күн, сэтинньи 3 күнэ уонна бэнидиэнньик, сэтинньи 4 күнэ өрөбүл күннэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago