Саха сиригэр алта нэһилиэнньэлээх пууну уу ылла
23.05.2023, 10:47
ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын хаартыската.
Бөлөххө киир:
Ыам ыйын 23 күнүнээҕи дааннайынан, Саха сиригэр алта нэһилиэнньэлээх пуун ууга барда: Кэбээйи улууһун Сииттэтэ уонна Чагдата, Амма улууһун Аммата уонна Чапчылҕана, Нам улууһун Арбына, Үөһээ Халыма улууһун Зырянката. Бу туһунан Арассыыйа ЫБММ эрэгийиэннээҕи управлениета иһитиннэрэр.
Өлүөнэ өрүс мууһа Кэбээйи уонна Нам оройуоннарынан хойуутук устар. Ленскэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарын таһыгар уу суукка иһигэр 10-50 см түстэ.
Муус алын кирбиитэ Кэбээйи уонна Эдьигээн улуустарынан хойуутук устар. Сангаар таһыгар уу таһыма 1130 см буолбут (кутталлаах кирбии — 1150 см). Бэҕэһээ Сангаартан 60 км тэйиччи сиргэ мууһу дэлби эстэрбиттэрэ.
Таатта Кыйытыгар даамбаны уу ылар куттала баар. Манна ЫБММ эрэгийиэннээҕи управлениетыттан 20 быыһааччы тиийдэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: