Салгыы
Саха сиригэр алта ойуур баһаарын умуруораллар

Саха сиригэр алта ойуур баһаарын умуруораллар

Ааптар:
26.06.2023, 12:30
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 26 күннээҕи туругунан Саха сиригэр алта ойуур баһаара баар. Уоту умуруорууга 110 киһи уонна 11 тиэхиньикэ үлэлиир. Бу туһунан СӨ Экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. 

Ол курдук, Өймөкөөҥҥө икки ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Онтон Алдаҥҥа, Кэбээйигэ, Муомаҕа уонна Усуйаанаҕа — биирдии. Баһаардар уопсай иэннэрэ — 358, 4 га. Алдаҥҥа уонна Кэбээйигэ 0,4 га иэннээх баһаар бохсулунна.

Ааспыт өрөбүллэргэ 9,4 га иэннээх түөрт ойуур баһаарын уонна 26 га иэннээх биир ландшафтнай баһаар булбуттар. Үөһээ Халымаҕа 41 га иэннээх ойуур баһаарын уонна Абыйга 26 га иэннээх ландшафтнай баһаары умуруордулар.

Бэс ыйын 26 күнүттэн Усуйаанаҕа уонна Үөһээ Халымаҕа 4-с кылаастаах баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ киириэҕэ. Үөһээ Дьааҥыга маннык эрэсиим 5-с кылааска диэри үрдүөн сөп.

Бары сонуннар
Салгыы
4 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 19°Влажность: 52% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: