Саха сирэ Арассыыйа иһигэр киирбитэ 390 сылыгар анаммыт Таҥара дьиэтин литургиятын тэлэбиидэнньэҕэ быһа эпииргэ көрдөрүөхтэрэ.
Ахсынньы 4 күнүгэр Москватааҕы Кириэмил Успенскай соборугар Сибэтиэй Боҕоруодьусса хараамҥа киирбитин бырааһынньыгар Московскай уонна бүтүн Арассыыйатааҕы Сибэтиэй Патриарх Кирилл Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспута 390 сылыгар анаммыт Таҥара дьиэтин литургиятын ыытыаҕа.
Иисус Христос киһи аймаҕы быыһаабытыгар Айыы Таҥараҕа махтанар сулууспаны “Союз” уонна “Спас” ханаалларга көрдөрүөхтэрэ. Быһа эпиир Москва бириэмэтинэн сарсыарда 10 чааска (Саха сирин бириэмэтинэн – күнүс 4 чааска) саҕаланыаҕа.
Таҥара дьиэтин литургиятыгар Ил Дархан Айсен Николаев, Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи Архиепископ Роман кыттыахтара. Таҥара дьиэтин сулууспатын Г.М. Кривошапко аатынан филармония Симфоническай хуора арыаллыаҕа (сүрүн хормейстер – СӨ ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ Людмила Шумилова).
Таҥара дьиэтин литургията – Саха АССР 100 сылын Москваҕа уонна Санкт-Петербурга бэлиэтээһин чэрчитинэн ыытыллар. Урут 2017 сыллаахха Саха сирэ Арассыыйаҕа киирбитэ 385 сылыгар уонна Сибэтиитэл Иннокентий төрөөбүтэ 220 сылыгар анаан Успенскай собуорга сулууспа ыытыллыбыта. Онно аан бастаан былыргы собуорга саха тылынан мэлиэбэн иһиллибитэ.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…