Салгыы
Саха сиригэр Анастасия Диодорованы улахан успуортан атаардылар

Саха сиригэр Анастасия Диодорованы улахан успуортан атаардылар

Ааптар:
04.10.2024, 21:55
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

Бүгүн, алтынньы 4 күнүгэр, харбааһыҥҥа Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастарын, ХIII Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердарын, аан дойду уонна Европа элбэх төгүллээх чөмпүйүөнүн Анастасия Диодорованы улахан усупуортан атаарыы тэрээһинэ буолла. 

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Анастасияҕа хорсунун, дьулуурдааҕын, тыһыынчанан дьоҥҥо холобуру көрдөрбүтүн бэлиэтээн туран, паралимпийскай успуорду сайыннарыыга кылаатын иһин махтанна.

«Саха сирин бары олохтоохторун ааттарыттан паралимпийскай успуорду сайыннарыыга дьоһун кылаатыҥ, хорсун санааланыы, үлэһит, дьулуурдаах буолуу үтүө холобурун көрдөрбүккэр махтанабын. Саха сирэ бүттүүн сөҕөр уонна эйигинэн киэн туттар. Хас биирдии кыайыыны ситиһэргэ сыраны-сылбаны эрэйэр, уһун дьарык ирдэнэр. Эн энчирээбэт кытаанах санааҕынан, дьулуургунан уонна чугас дьонуҥ өйөбүллэринэн инниҥ диэки дьулуурдаахтык, туох баар харгыһы барытын туораан чыпчаалга таҕыстыҥ. Эн аттыгар сылдьан төрөпүттэриҥ, уһуйааччыларыҥ, тириэньэрдэриҥ бигэ тирэх буоллулар. Настя бу суолугар көмөлөспүт, өйөбүл буолбут дьонугар улахан да улахан махтал! «, — диэн эттэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Ил Дархан Анастасия холобура Саха сирин дьонун сөхтөрөрүн, сүргэлэрин өрө көтөҕөрүн, итинэн кинилэргэ күүс-уох биэрэрин, үчүгэйгэ, үтүөҕэ эрэллэрин күүһүрдэрин бэлиэтээтэ. Билигин доруобуйатыгар хааччахтаах Саха сирин хас үһүс олохтооҕо адаптивнай физкултууранан, успуордунан утумнаахтык дьарыктанар.

«Сүүрбэ сыл улахан успуордунан утумнаахтык дьарыктаныы — бу хорсун быһыы. Настя улахан хорсун быһыыны оҥордо. Биһиги өйдүүбүт эбээт, кып-кырачаан кыысчаан паралимпийскай үрдэллэргэ аан бастаан бигэтик үктэнэн барбытын.  Биһиги Пекиҥҥэ Паралимпиаданы өйдүүбүт, онно бука бары кини туһугар хайдахтаах күүскэ ыалдьыбыппытый. Кини үрүҥ көмүс мэтээли ылыыта бүттүүн Саха сирин олохтоохторугар, дойдубут үрдүнэн хайдахтаах курдук улахан үөрүү этэй! Онтон бүгүҥҥүттэн кини олоҕор саҥа түһүмэх саҕаланар. Эн киһи быһыытынан, билиигинэн, дьулуургунан уонна олоххо үөрүйэххинэн ханнык баҕарар дьыалаҕа бэйэҥ суолгун бигэтик булуоҥ диэн бүк эрэнэбин. Биһиги эн аттыгар куруук баар буолуохпут, өйүөхпүт. Саҥа кыайыылары, үрдүк ситиһиилэри баҕарабын«, — диэн аатырбыт улахан спортсмеҥҥа туһаайан Ил Дархан эттэ.

Айсен Николаев дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан Анастасия Диодороваҕа Ил Дархан Грамотатын туттарда. Кыысчаан ийэтэ Людмила Николаевна СӨ Бырабыыталыстыбатын Грамотатынан наҕараадаланна.

«Анастасия аата паралимпийскай хамсааһын историятыгар киирэр. Эн ситиһииҥ аан дойду үрдүнэн мөлүйүөнүнэн киһини көҕүлүүр, эйигинэн дойдубут киэн туттар, холобур буолаҕын. Эн үүнэр көлүөнэни кытта үөрүйэхтэргин үллэстиэҥ. Саҥа саҕалааһыҥҥар элбэҕи ситиһиэҥ диэн эрэнэбин. Ситиһии  арыаллаатын!«, — диэтэ РФ Паралимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Павел Рожков видеонан сибээскэ.

РФ Паралимпийскай кэмитиэтин норуоттар икки ардыларынааҕы отделын салайар Екатерина Пронина Анастасия Диодороваҕа РФ Паралимпийскай кэмитиэтин Махтал суругун, кэмитиэт Бочуотунай грамотатын спортсменка ийэтигэр Людмила Диодороваҕа, РФ үтүөлээх тириэньэригэр Наталья Степановаҕа туттарда.

Анастасия Диодорова өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, биир дойдулаахтарыгар, өйөбүл буолбут бар дьонугар махтанна.

«Эһиги өйөбүлгүт, тапталгыт иһин махтанабын. Куруук аттыбар буолбуккут, мин туспар кыһаллыбыккыт миэхэ улахан тирэҕинэн буолаллар«, — диир Анастасия.

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Северная волна» күрэхтэһии бу күннэргэ Дьокуускайга аатырбыт спортсменка чиэһигэр ыытылынна. Күрэхтэһиигэ Саха сириттэн, Ханты-Мансийскайтан, Самара уобалаһыттан, Хабаровскай кыраайтан 50 бэрэстэбиитэл кытынна.

Манна даҕатан эттэххэ, быйыл олунньуттан Дьокуускайга «Диодоровтар» уус-уран киинэни устан саҕалаабыттара. Киинэҕэ  Настя улахан успуорка бастакы хардыыта, Афинаҕа путевка ылыыта, олимпиада иннинээҕи 2003 сыл көстөр. Киинэ улахан аҥаара уһуллубут, 2025  сылга дьон-сэргэ көрүүтүгэр тахсыахтаах.

Санатан эттэххэ, Айсен Николаев 2019 сыллаахха 100 алмааска өрөспүүбүлүкэ 100 чулуу дьонун ааттарын иҥэриини көҕүлээбитэ. Онтон 52,04 караттаах ураты алмааска Анастасия Диодорова аата иҥэрилиннэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: