Салгыы
Саха сиригэр аномальнай тымныы буолара күүтүллэр

Саха сиригэр аномальнай тымныы буолара күүтүллэр

27.03.2024, 15:00
Хаартыска: Василий Прокопьев
Бөлөххө киир:

Саха сирин киин улуустарыгар, хоту Уралга уонна Сибииргэ, Забайкальскай кыраайга, Бурятияҕа уонна Иркутскай уобаласка -20-40 С кыраадыс диэри аномальнай тымныы түһэрин туһунан Арассыыйатааҕы Гидрометеосулууспа научнай салайааччыта Роман Вильфанд иһитиннэрдэ.

«Температура нуорматтан сэттэ уонна онтон ордук кыраадыс намыһах буоллаҕына кутталлаах. Сорох эрэгийиэннэргэ куттал суоһуур», — диир Роман Вильфанд. Бу туһунан РИА новости суруйар.

Кини этэринэн, кулун тутар 28-29 күннэригэр Саха сирин киин улуустарыгар -36-40 С кыраадыска диэри тымныйыаҕа. Ненецкэй аптаныамыйалаах уокурукка уонна Коми Өрөспүүбүлүкэтигэр салгын температурата нуорматтан 7-10 кыраадыс түһүөҕэ. Ямало-Ненецкэй аптаныамыйалаах уокурукка температура нуорматтан 6-9 кыраадыс түһэн, -32С кыраадыска диэри тымныйар. Ханты-Мансийскай уокурукка уонна Красноярскай кыраайга -35С кыраадыска диэри тымныы түһэрэ күүтүллэр, оттон Бурятияҕа уонна Забайкалье кыраайыгар -25С кыраадыс буолуоҕа.

+1
13
+1
3
+1
1
+1
3
+1
30
+1
11
+1
10
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: