Саха сиригэр араагы утары охсуһуу нэдиэлэтэ саҕаланна
Сыл аайы олунньу 4 күнүгэр Араагы утары охсуһуу бүтүн аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Араак – үксүгэр инбэлииккэ тахсыыга уонна өлүүгэ тириэрдэр уодаһыннаах ыарыы. Ол гынан баран, аныгы мэдиссиинэ ыарыыны хайдах сэрэтэри, эрдэттэн булары билэр. Ол түмүгэр көдьүүстээхтик эмтэннэххэ олоҕу уһатыахха сөп. Ол иһин, ханнык баҕарар киһи аныгы диагностика көмөтүнэн түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык эмтэнэрэ олус улахан суолталаах.
Араагы утары охсуһуу Бүтүн аан дойдутааҕы күнүн сүрүн соругунан уопсастыбаннас болҕомтотун араак кыһалҕаларыгар тардыы, бу салааҕа наука чинчийиилэрин көҕүлээһин, эмтэнээччилэри мэдиссиинискэй көмөнөн хааччыйыыны тупсарыы, ыарыы туһунан нэһилиэнньэ билиитин ситиһии буолаллар.
Өйдөбүнньүк күн үс сыл буола-буола уларыйар араас лозунунан ыытыллар. Бу күн аан дойдуга барытыгар чөл олоҕу сырдатарга, уодаһыннаах ыарыыга ылларбыт дьоҥҥо көмө үбү-харчыны хомуйарга аналлаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Статистика көрдөрөрүнэн, араак ыарыытын 30-50% сэрэтиэххэ сөп.
2018 сылтан диспансеризацияны ыытыы саҥа бэрээдэгэ киллэриллибитэ. Ол эбэтэр, хас биирдии киһи икки сылга биирдэ онкология ордук тарҕаммыт көрүҥнэригэр скрининг-чинчийиини ааһар. 2019 сылтан 40-тан үөһээ саастаахтар диспансеризация чэрчитинэн сыл аайы ыарыыны сэрэтэр чинчийиини ааһыахтарын сөп. 2024 сылга ким баҕарар ыарыыны сэрэтэр мэдиссиинискэй көрүүгэ сыл аайы сылдьара былааннанар. Эмтэнии ситиһиилээх буоларыгар эмтэнээччи бырааска итэҕэйэрэ элбэҕи быһаарар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: