Саха сиригэр аракыата тобохторо түһүөхтэрэ
Восточнай космодромҥа «Кондор-ФК» иккис радиолокационнай спутниктаах «Союз- 2.1 а» аракыатаны көтүтэргэ бэлэмнээтилэр. Бу туһунан Роскосмос иһитиннэрэр.
Аракыатаны бу сыл сэтинньи 30 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн сарсыарда 06:50 чааска көтүтүөхтэрэ. Аракыата тобохторо Саха сиригэр Алдан, Өлүөхүмэ, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын территорияларыгар түһэллэрэ быһаарылыннылар.
Бу улуустарынан куттал суох буолуутун хааччыйар сулууспатын быыһааччыларын бөлөхтөрө тэриллиэхтэрэ уонна ыытыллыахтара. Бөлөхтөр наадалаах тиэхиньикэнэн уонна оборудованиеларынан толору хааччыллыахтара. Аакыата көтүтэр күнүгэр тобохторо түһэр сабаҕаланар улуустарынан булчуттары, табаһыттары уонна балыксыттары тыаҕа тахсалларыттан туттунарга ыҥыраллар.
Санаттахха, бу иннинэ сэтинньи 5 күнүгэр сарсыарда 08:18 чаастан «Восточный» космодромтан «Союз-2.1б» аракыатаны көтүппүттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: