Саха сиригэр арыгы бородууксуйатын атыыта эбии хааччахтаныа

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар иккис уонна бүтэһиктээх ааҕыыга өрөспүүбүлүкэҕэ  арыгыны атыылааһыныгар эбии хааччахтары киллэриигэ сокуон барыла ылылынна.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон барыла уопсастыбаннай ас-үөл атыылыыр эбийиэктэринэн, ол иһигэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэринэн уонна ыаллыы сытар территорияларынан арыгы бородууксуйатын атыылааһыны сокуонунан бэрээдэктииргэ ананар.

Билигин дойду үрдүнэн уопсастыбаннай ас-үөл эбийиэктэрин бары көрүҥнэринэн, ол иһигэр түүҥҥү кэмҥэ «сымыйа кафелар», «наливайкалар» диэн норуокка ааттанар тэрилтэлэринэн түүннэри-күнүстэри хааччаҕа суох пиибэни уонна атын арыгы бородууксуйатын атыытын кытта сибээстээх кыһалҕа билигин нэһилиэнньэни олус долгутар. Маннык тэрилтэлэр үксүгэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэринэн эбэтэр кинилэртэн быһаччы чугас арыллан үлэлииллэр. Ол курдук, быһаччы гражданнар бырааптара кэһиллэллэр, ону таһынан арыгы иһии түмүгүнэн бэрээдэги кэһиигэ төрүөттэр үөскүүллэр.

Итинэн сибээстээн саҥа ылыллыбыт сокуон барылынан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэринэн уонна ыаллыы сытар территорияларынан арыгыны атыылааһыҥҥа сөптөөх лицензиялаах уопсастыбаннай ас-үөл атыылыыр, эргинэр эбийиэктэринэн ГОСТ 30389-2013 ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн арыгы бары бородууксуйатын  атыыта күнүс 12.00 чаастан түүн 23.00 чааска диэри хааччахтанар.

Федеральнай сокуон ирдэбиллэринэн арыгы атыытыгар хааччахтар рестораннары таарыйбат. Ону таһынан Саҥа дьыл бырааһынньыгын күннэригэр тохсунньу 31 күнүттэн киэһэ 20 чаастан тохсунньу 4 күнүгэр сарсыарда 4.00 чааска диэри бу хааччахтар үлэлээбэт буолаллар.

Дьүүллэһии түмүгүнэн иккис уонна бүтэһиктээх ааҕыыга сокуон барыла ылылынна. Саҥа сокуон 2025 сыл кулун тутар 1 күнүттэн  күүһүгэр киириэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

52 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччылар мэтириэттэрин быыстапката аһылынна

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччылар сойуустара 90 сааһын бэлиэтээтэ

Сэтинньи 27 күнүгэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх мунньах буолла. Наталья…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин охчуттара «Надежды Якутии» күрэхтэһиигэ кыайдылар

Сэтинньи 21-26 күннэригэр Великие Луки куоракка "Надежды России" диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии ыытылынна. Манна Саха…

2 часа ago
  • Сонуннар

Айсен Николаев энергоэффективноһы үрдэтиигэ саҥа өйөбүл миэрэлэрин киллэрэргэ этии киллэрдэ

Ил Дархан Айсен Николаев РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин ыыппыт стратегическэй сиэссийэтигэр энергоэффективноһы үрдэтии өйөбүлүн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Александр Атласов: «Бу сокуон тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар дьоҥҥо олус улахан туһалаах буолуо»

Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕын бастакы күнүн түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарынан норуот дьокутаата Александр…

2 часа ago