Саха сиригэр атырдьах ыйын 1 күнүгэр этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр
31.07.2025, 15:30

С.Львова хаартыската
Бөлөххө киир:
Атырдьах ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайга уонна улуустарга күн-дьыл туругун туһунан билиһиннэрэбит.
Бээтинсэҕэ, атырдьах ыйын 1 күнүгэр, Горнай, Хаҥалас, Алдан, Нерюнгри, Кэбээйи, Өймөкөөн, Томпо, Муома, Абый, Үөһээ Халыма, Мииринэй, Өлөөн улуустарыгар 15-20 м/с түргэннээх тыаллаах, этиҥнээх уонна быстах ардах түһэрэ күүтүллэр.
Анаабыр уонна Булуҥ улуустарыгар сорох сиринэн күүстээх ардахтар түһүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: