Саха сиригэр автокулууптар көмөлөрө

Share

2022-2024 сылларга Саха сиригэр автокулуубунан сылдьан 71 тэрээһин ыытыллыбыт, 60 тыһ.кэриҥэ киһи хабыллыбыт. Бу туһунан култуура министиэристибэтиттэн иһитиннэрэллэр.

Автокулууп элбэх хайысханы толорор көһө сылдьар култуура киинин курдук. Манна сценалаах, мультимедийнай аппаратура баар, тэрээһини маннык автокулуубунан сылдьан тымныы да кэмҥэ оҥоруохха сөп диэн этэллэр.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар маннык автокулууптар көмөлөрүнэн Арассыыйа күнүн, Арассыыйа былааҕын күнүн, Оҕо көмүскэлин күнүн, Кыайыы күнүн, кэнсиэртиир бырагыраамалаах араас күрэстэри тэрийэллэр. Сайынын сайылыктарга ыанньыксыттарга, отчуттар биригээдэлэригэр тиийэ бараллар.

2022 сыллаахха Саха сирэ сүүмэрдиир куонкурус түмүгүнэн, автокулууптарга тиксиэхтээх эрэгийиэннэргэ аан бастаан киирбитэ. Ол түмүгэр, элбэх хайысханы толорор көһө сылдьан үлэлиир кыаҕы биэрэр култуура маннык кииннэрэ Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Уус Алдан улуустарыгар уонна Дьокуускайга бэриллибиттэрэ.

2024 сылга куонкурус түмүгүнэн автокулуубу ыларга үп-харчы Алдаҥҥа көрүллүбүтэ. 10,8 мөл.солк. суумалаах автокулууп атырдьах ыйыгар аҕалыллан, билигин Алдан улууһугар култуура үлэтигэр туһалыыр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

3 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өбүгэ үгэһигэр — уһуйаантан

Бу күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгин “Кустук” уһуйааныгар Байанай ыйыгар анаммыт тэрээһини ыыттылар. Бу туһунан…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Русскай Устье олоҕор үс араас көрүү баар

Сэтинньи 21 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларыгар институкка…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сахатранснефтегаз» мобильнай сыһыарыыта үлэлээтэ

"Сахатранснефтегаз" тэрилтэ килийиэннэрэ ыйы быһа саайтка баар тус кэбиниэттэригэр уонна мобильнай сыһыарыыга кыайан киирбэт буола…

54 минуты ago