Салгыы
Саха сиригэр баһаары умуруорууга 1500-тэн  тахса киһи сылдьар

Саха сиригэр баһаары умуруорууга 1500-тэн  тахса киһи сылдьар

Ааптар:
16.08.2024, 10:41
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 71 366 га иэннээх уон баһаары умуруордулар. Бу туһунан атырдьах ыйын 16 күнүнээҕи брифиҥҥэ Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.  Бу туһунан СИА суруйар.

“Ону тэҥэ, атын категориялаах сиргэ барыта 1353 га иэннээх икки ландшафтнай айылҕа баһаарын умуруорбуттар. Кэбээйи, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Орто Халыма уонна Усуйаана улуустарыгар айылҕа баһаардарын умуруордулар”, – диэн Андрей Коноплев этэр.

Итини таһынан, баһаарынай сулууспалар 42 537,5 га иэннээх тоҕус ойуур баһаарын бохсубуттар: Кэбээйи, Үөһээ Бүлүү уонна Ленскэй улуустарыгар – биирдии, Горнай улууһугар – икки, Өлүөхүмэ улууһугар – түөрт.

Ааспыт сууккаҕа тоҕус ойуур баһаара баара көстүбүт. Күн бүгүн ити уопсай иэнэ 194 гектарга тэҥнэһэр.

Атырдьах ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, 14 улууска 94 ойуур баһаара баар. Баһаары умуруорууга 1576 киһи уонна 154 тиэхиньикэ үлэлиир.

Баһаар кутталлаах кэмэ саҕаланыаҕыттан барыта 2,7 мөл. га иэннээх 900 ойуур баһаарын умуруорбуттар. Саха сиригэр дойду уонна эрэгийиэн таһымнаах ойуурга биллэриллибит ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ оннунан хаалар. Муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ аҕыс улууска салҕанар: Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Сунтаар уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар.

Майя Гоголева, СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: