Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар 2,5 тыһыынча мэдиссиинэ көмөтө оҥоһулунна
Саха сиригэр мэдиссиинэ көмөтүн 2593 байыаска оҥордулар. Бу туһунан брифиҥҥэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай терапева Айталина Торонова эттэ.
Кини этэринэн, 1901 байыаннай сулууспалаахха амбулаторияҕа, 692 – стационарга көмөлөстүлэр. Чөлүгэр түһэриини 284 киһи ааста. Психотерапевт уонна психиатр 594 киһини көрдүлэр.
Бу сыл муус устар ыйыттан Саха сиригэр байыаннай дьайыыга кыттыбыт дьоҥҥо диспансеризация ыытыллар. Айталина Торонова этэринэн, бу үлэнэн 768 киһи хабылынна. Мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ хас субуота ахсын көрөллөр. Онон биир күн устата бары ирдэнэр чинчийиилэри ааһар уонна сүбэ-ама ылар кыахтаахтар. Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин быраастара саҥа сирдэргэ-уоттарга бараллар. Бу үлэ Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар.
Кулун тутар 2 күнүттэн Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ Докучаевскай куоракка Саха сирин быраастарын биригээдэтэ солбуйса сылдьан тиийэр. Билигин итиннэ хирург, трвматолог, реаниматолог үлэлииллэр. Быйыл муус устарга, от ыйыгар уонна алтынньыга Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай клиническэй балыыһа быраастара Кировскайга уонна Докучаевскайга бара сырыттылар.
Саха сирин быраастара нэһилиэнньэҕэ быһаччы көмөлөһөллөрүн тэҥэ куорат киин балыыһатын исписэлиистэрин кытта уопуттарын атастаһаллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: