Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө үлэтэ салҕанар

Share

Саха сиригэр байыаннай дьайыы 28 кыттыылааҕын дьиэ кэргэттэрэ гааска босхо холбонорго материальнай көмөнү ылбыттар. Ону тэҥэ, 45 байыас төрөппүттэрэ санаторнай-курортнай эмтээниини ааспыттар. Ол туһунан брифиҥҥэ муус устар 24 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ. 

«Байыаннай дьайыы 85 кыттыылааҕын дьиэ кэргэттэригэр байыас эмтэнэ сылдьар сиригэр диэри айанныыларыгар материальнай көмө биэриллинэ. Барыта 175 байыаннай уонна 188 кинилэр дьиэ кэргэттэрэ өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинискэй уонна социальнай тэрилтэлэригэр эмтэниини аастылар», — диэн Георгий Степанов бэлиэтээтэ.

Ону таһынан, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһылынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэ миэстэтинэн хааччыйыы салҕанар. СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр 87 киһи үлэ ыйыталаспыт — 26 байыас уонна 61 кинилэр дьиэ кэргэттэрэ.

Бүгүҥҥү туругунан, барыта 19 киһи үлэ булбут, 14 киһи профессиональнай үөрэххэ ыытыллыбыт. Маны тэҥэ, 230 дьоҕус уонна орто урбаан бэрэстэбиитэллэрэ үлэлэрин салгыылларыгар туспа быһаарыылар оҥоһулуннулар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago