Салгыы
Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 113 ыала гаас киллэттэрдэ

Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 113 ыала гаас киллэттэрдэ

Ааптар:
12.08.2024, 15:15
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин,  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэригэр аадырстаах көмө оҥоруу салаҕанар. Көмөнү оҥоруу дьаһалларын туһунан Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов кэпсээтэ.

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин  солбуйааччы иһитиннэриитинэн, байыаннай сулууспалаахтар 113 ыала дьиэлэрин гаастаабыттар, 375 төрөппүт санаторнай- курортнай эмтэниини ааспыттар, 317 киһи бааһырбыт байыастар эмтэнэр сирдэригэр айанныырга матырыйаалынай көмөнү ылбыттар. Саха сирин мэдиссиинэ уонна социальнай тэрилтэлэригэр 770 байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 1272 чилиэннэрэ реабилитацияламмыттар. 236 киһи социальнай өйөбүлү дьиэлэригэр туһаммыттар.

«Бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кинилэри кытта бииргэ олорор дьиэ кэргэнин чилиэттэрэ удохуоттарын таһымыттан тутулуга суох бгаастааһыҥҥа, киин уонна электрическэй ситимҥэ дьиэни-уоту холбооһуҥҥа биир кэмнээх аадырыстаах матырыйаалынай көмөнү ылар бырааптаахтар. Манна гаас турбатын ситимин тардыы, уот ситимин оҥоруу, оборудованиены атыылаһыы, туруоруу уонна холбооһун ороскуоттара киирэллэр. Газтааһыҥҥа көрүллэр көмө муҥутуур кээмэйэ  гаастааһыҥҥа  — 150 тыһыынча солкуобай, киин ититиигэ – 140 тыһыынча солкуобай, электрическэй ититиигэ – 50 тыһыынча солкуобай. Көмө ыларга куорат управлениетыгар эбэтэр олорор сиринэн олохтоох дьаһалтаҕа тиийиэн наада», — диэн Георгий Степанов иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: