Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 89 дьиэ кэргэнигэр гаас ситимигэр холбоноллоругар көмө оҥоһулунна
Саха сиригэр байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмө оҥоһуллар.
«Кулун тутар 7 күнүнээҕи туругунан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 89 дьиэ кэргэнигэр олорор дьиэлэрин гаас ситимигэр холбонууларыгар харчынан көмө оҥоһулунна. Ол курдук байыаннай дьайыыы байыастарын 258 төрөппүтэ санатронай-курортнай эмтэниини аастылар. Ону сэргэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин 246 чилиэнэ байыас эмтэнэ сытар сиригэр айаннаан тиийэллэригэр үбүнэн көмөнү туһаннылар», — бу туһунан кулун тутар 11 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.
Байыаннай дьайыы 535 кыттыылааҕа, ону сэргэ 907 кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ доруобуйа харыстабылын, социальнай тэрилтэлэргэ чөлгө түһүүнү ааспыттар. 162 киһи дьиэҕэ уонна стационарга оҥоһуллар социальнай көмөнү туһаммыттар.
Дьарыктаах буолуу киинигэр 292 киһи үлэ көрдөөн тиийбит. Олор истэригэр байыаннай дьайыы 100 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ. Балартан 95 киһи идэ ылар куурустарга үөрэххэ ыытыллыбыттар, 169 киһи үлэҕэ киирбит.
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, бэтэрээннэрин уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин бары миэрэнэн өйүүр туһунан сорук туруорбута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: