Байыастар өлбүт эбэтэр бааһыран баран инбэлиит буолбут буоллахтарына, кинилэр кэргэттэрэ массыына ыытар быраабы ылалларыгар үөрэхтэрэ төлөнүө. Бу туһунан алтынньы 21 күнүгэр брифиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.
Ил Дархан ыйааҕынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр саҥа миэрэ баар буолла. Бу нуорма 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэҕэ киириэ.
“Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара өлбүт эбэтэр бааһыран баран инбэлиит буолбут, эмсэҕэлээбит буоллахтарына, кинилэр кэргэттэрэ массыынаны ыыта үөрэнэллэригэр үөрэхтэрин сыанатын толуйар өссө биир көмө олохтонно. Массыынаны ыытар дастабырыанньатын ылбыт буоллаҕына, үөрэҕин ороскуота төлөнүө”, — диэтэ Георгий Степанов. Бу туһунан Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038