Ил Дархан Айсен Николаев Байкал-Амур магистралын тутуу саҕаламмыта 50 сылын көрсө сүрүн дьаһаллары бэлэмнээһиҥҥэ уонна ыытыыга былаан туолуутун дьүүллэһиигэ сүбэ мунньахха кытынна.
Бэс ыйын 21 күнүгэр мунньаҕы видео-сибээһинэн РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виталий Савельев салайан ыытта. Үбүлүөйдээх дьаһаллар былааннарын толоруу туһунан дакылааттары Российскай Федерация Тырааныспарга миниистирэ Роман Старовойт уонна «РЖД» ААО бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Олег Белозеров оҥордулар.
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ ылыллыбыт 50 сыллаах үбүлүөйү бэлэмнээһиҥҥэ уонна бэлиэтээһиҥҥэ сүрүн дьаһаллар торумнара кэмигэр туолан иһэллэрин туһунан бэлиэтээтэ.
Беркакит бөһүөлэгэр БАМ үбүлүөйдээх дьаһалларын чэрчитинэн «Арассыыйа тимир суоллара» ААО хос үбүлээһининэн тупсарыыга кэккэ дьаһаллар түмүктэнэллэр, ол иһигэр оҕо уһуйаанын, орто оскуолатын өрөмүөнэ, аспаал ууруллуута, Беркакит храма уонна поликлиника өрөмүөннэнэр. БАМ тутааччыларын ааттарын-суолларын үйэтитиигэ «Локомотив» спортивнай комплекска өрөмүөннээһин уонна элбэх өҥөнү оҥорор спортивнай былаһааккатын туруоруу үлэтэ салҕанан бара турар.
Дьокуускай куоракка сыл бүтүөр диэри биир саҥа уулуссаҕа «Бамовская» аат иҥэриллиэҕэ. Иван Шестаков «Дорога трудной судьбы» кинигэ таҕыста, Тамара Андреева «Первопроходцы» кинигэтин таһаарыыга үлэ ыытыллар. Үөрэх уонна култуурунай тэрээһиннэр, ыччаты кытта көрсүһүүлэр, спортивнай тэрээһиннэр, түмэллэргэ анал быыстапкалар ыытыллаллара былааннанар.
От ыйын 5 күнүгэр Аллараа Бэстээхтэн Тындаҕа диэри тематическай поезд айанныаҕа, Алдан уонна Нерюнгри куораттарыгар үөрүүлээх тэрээһиннэр буолуохтара. Ону тэҥэ үөрүүлээх тэрээһиннэр Дьокуускайга уонна Тындаҕа тэриллиэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, БАМ тимир суола Амур уонна Иркутскай уобаластар, Забайкальскай уонна Хабаровскай кыраайдар, Бурятия уонна Саха сирин территорияларынан ааһар. Магистралы тутуу 1930-с сыллар бүтүүлэригэр саҕаламмыта, ол эрээри сүрүн үлэлэрэ 1974 сыллаахха БАМ бүтүн Сойуустааҕы ударнай комсомольскай тутуу тэриллибитигэр арыллыбыттара. 1974 с. от ыйын 8 күнүгэр ССРС бырабыыталыстыбатын 561 №-дээх «Байкал- Амур тимир суол магистралын тутуу туһунан» уураах тахсыбыта — бу күнтэн ыла суол тутуутун сүрүн даататынан ааҕыллар. 2019 сыл от ыйыттан Беркакит – Томмот — Аллараа Бэстээх тимир суол лииньийэтинэн Арассыыйа тимир суолун ситиминэн пассажирдары таһыы саҕаламмыта. Сыл аайы Саха сиригэр тимир суолунан 8 мөл. туонна таһаҕас уонна 400 тыһ. пассажир таһыллар.
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…