Саха сиригэр бастакы быыбардыыр учаастактар үлэлэрин саҕалаатылар

Share

Бүгүн, кулун тутар 15 күнүгэр, Саха сиригэр Арассыыйа баһылыгын быыбарыгар куоластааһын саҕаланна. Саха сиригэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар нэһилиэнньэ кыттыыта үрдүк көрдөрүүлээх буолара сабаҕаланар. 

811 быыбардыыр учаастак аһыллыаҕа, онтон 790-а бастайааннай, 21-э быстах кэмнээх. Манна барытыгар 6 563 учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэнэ үлэлиэҕэ.

Саха сирин хотугулуу-илиҥҥи алта оройуонугар — Абыйга, Аллайыахаҕа, Муомаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Аллараа Халымаҕа, Орто Халымаҕа быыбардыыр учаастактар үлэлэрин саҕалаатылар. Бу улуустарга олохтоох бириэмэ 08:00 чаас буолла. Манна 16600 быыбардааччы баар.

Аны биир чааһынан Дьааҥыга, Өймөкөөҥҥө, Усуйаанаҕа олохтоох бириэмэ 08:00 чаас буоллаҕына, быыбардыыр учаастактар эмиэ аһыллыахтара.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

38 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

1 час ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

3 часа ago