Саха сиригэр бастакы олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев туһунан киинэ уһула сылдьаллар

Share

Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылыгар кини олоҕун, үлэтин туһунан уус-уран киинэ уһулларын туһунан бастакы олимпийскай чөмпүйүөн аатын үйэтитиигэ тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, вице-премьер Сергей Местников иһитиннэрдэ.

Билигин Эдьигээн, Чурапчы улуустарынан спортсмен оҕо, эдэр саастарын түгэннэрин уһулуу түмүктэннэ. Алтынньыга уһулар үлэлэр Дьокуускайга ыытыллыахтара. Саҥа дьыл кэнниттэн устар бөлөх Москваҕа барара былааннанар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Киинэ Ил Дархан дьаһалынан үбүлүөйдээх тэрээһиннэр чэрчилэринэн уһуллар.

Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, бары сүрүн тэрээһиннэр былаанынан бара туралллар.

Роман Дмитриев төрөөбүт дойдутугар Эдьигээн улууһугар икки социальнай эбийиэк – элбэх функциялаах успуор саалата уонна этнокултуурунай киин үлэҕэ киирдилэр. Оттон олимпийскай чөмпүйүөн аатын сүгэр Олимпийскай эрэллэр училищеларыгар хапытаалынай уонна быстах өрөмүөн ыытылынна, саҥа миэбэлинэн, оборудованиенан хааччылынна.

Киин куоракка Дьокуускай маастар-былаанынан Роман Дмитриев аатынан кытылы тупсарар үлэлэр бара тураллар.

Сыллата Роман Дмитриев аатынан 18-20 саастаах спортсменнарга бүддьүөтү таһынан үптэн биирдэ бэриллэр наҕараада көрүллэр.

2024 сыллаахха кулун тутар 7-11 күннэригэр Дьокуускайга “Өрөгөй” спортивнай кииҥҥэ бастакы олимпийскай чөмпүйүөн кэриэһигэр 2004-2006 сыллаах төрүөх оҕолорго аан дойдутааҕы күрэхтэһии көҥүл тустууга уонна кыргыттар тустууларыгар ыытыллыбыта. 13 дойдуттан уонна Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн 337 кыттааччы кэлбитэ.

“Наука побеждать” кинигэ 2500 ахсаанынан, фотоальбом 1500 ахсаанынан “Айар” кинигэ кыһатыгар бэчээттэммиттэрэ. Кулун тутар 7 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕа Опера, балет тыйаатырыгар ыытыллыбыта.

«Дмитриевские чтения «Наука побеждать» аан дойду кыттыылаах Бүтүн Арассыыйатааҕы билим-практическай кэмпириэнсийэ чэрчитинэн балаҕан ыйыгар көҥүл тустуу, самбо, дзюдо уонна хоккей тириэньэрдэригэр сэминээр, маастар-кылаас, ону тэҥэ Олимпийскай эрэллэр училищеларын иитиллээччилэригэр уонна тириэньэрдэригэр көҥүл тустууга Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын ыстаарсай тириэньэрэ Абдусалам Гадисов маастар-кылааһа буолбуттара.

Роман Дмитриев кулун тутар 7 күнүгэр 1949 сыллаахха Эдьигээн улууһун Бэстээх сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.  Көҥүл тустууга 1972 с. Мюнхеҥҥа олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ, 1976 с. Монреальга олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара, аан дойду, Европа чөмпүйүөнэ,  ССРС алта төгүллээх чөмпүйүөнэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

26 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

1 час ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

3 часа ago