Саха сиригэр бастыҥ мэдиссиинэ үлэһиттэригэр наҕараадалары туттардылар
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов бэс ыйын 16 күнүгэр бэлиэтэнэр Мэдииссиинэ үлэһиттэрин күнүн көрсө судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.
Үөрүүлээх тэрээһин киин куоракка Ю.А. Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр буолла. «Билигин Саха сиригэр мэдиссиинэ сайдар, бу доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутуута эрэ буолбакка, бастатан туран, Саха сирин мэдиссиинэтин эйгэтэ уларыйар. Ити барыта эмчиттэр үөрэхтээһиннэрин уонна өҥө оҥорор хаачыстыбаларын үрдэтиилэрэ буолар. 2023 сыл түмүгүнэн араас мэдиссиинэ үлэһиттэрэ федеральнай куонкурустарга Саха сирин чиэһин ситиһиилэхтик көмүскээтилэр. Бу үлэ салҕаныа диэн эрэнэбит», — диэтэ Георгий Степанов.
Маны таһынан Георгий Степанов Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа бырааһа Мария Егорова Бүтүн Арассыыйатааҕы быраастар куонкурустарыгар «Лабораторнай диагностика бырааһа» номинация кыайыылааҕа буолбутунан эҕэрдэлээтэ. Тэрээһин кэмигэр үтүө суобастаах үлэлэрин иһин барыта 48 бырааһы, сиэстэрэлэри уонна биэлсэрдэри бэлиэтээтилэр.
СӨ Үтүөлээх бырааһа ааты ӨБ 2-с №-дээх отделын -ЦЭМП сэбиэдиссэйэ Игорь Яхонтовка уонна ӨБ 2-с №- дээх — ЦЭМП отделын сэбиэдиссэйэ Зоя Яковлеваҕа иҥэрдилэр. СӨ Доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ ааты М.Е. Николаев аатынан ӨБ 1№- дээх мэдиссиинэ киинин генеральнай дириэктэрин солбуйааччытыгар Юлия Панасенковаҕа туттардылар.
Ону таһынан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уонна Российскай Федерация Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин үрдүк бэлиэлэрэ, Бочуотунай грамоталара, махтал суруктара туттарылыннылар.
«Үлэбэр маннык билиниини ылар миэхэ улахан чиэс уонна бочуот. 40-тан тахса сыл мэдиссиинэҕэ үлэлээтим. Учууталларбар-быраастарга, уһуйааччыларбар наҕараадам иһин истиҥ махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын», – диэн «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, М.Е. Николаев аатынан ӨБ 1 №-дээх мэдиссиинэ киинин эндоскопист-бырааһа Владимир Федотов эттэ.
Санатан эттэххэ, билигин Саха сирин доруобуйа харыстабылыгар инфраструктураны сайыннарыыга дьайар хаачыстыбалаах уларыйыылар бэлиэтэнэллэр. Саха сирэ үлэҕэ киллэрбит эбийиэктэрин ахсаанынан лидердэр ахсааныгар киирэр. Кэнники биэс сылга 7 бөдөҥ мэдииссиинэ эбийиэгэ, 80-ча ФАП уонна амбулатория үлэҕэ киирдэ.
Баар баазаны сайыннарыыга 700-тэн тахса мэдиссиинэ оборудованиета үлэҕэ киирдэ , санитарнай тырааныспар паарката саҥардылынна, мэдиссиинэ эбийиэктэргэ хапытаалынай өрөмүөн уонна саҥардыы үлэтэ ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: