РФ ЫБММ Бе-200 икки салгын аала бүгүн, от ыйын 15 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар үлэлииллэр.
Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников эттэ.
Биир салгын аала Кутанаттан чугас ойуур баһаарын умуруорууга үлэлиэхтээх. Онно уоту утары охсуһууга 30 киһи баар. Ойуур уота бохсуллубут. Аны ол аттыгар баһаар күүһүрэн турбут.
Иккис борт Туой Хайа метеоыстаансыйатыгар куттал суоһаабытынан, Мииринэйгэ Бүлүү водохранилищетыгар тумул арыыга баһаарга көтүөхтээх. Онно миэстэтигэр сүүрбэттэн тахса киһи үлэлии сылдьар. Минеральнай балаһаны оҥороллор.
Дмитрий Садовников Өлүөхүмэ, Уус Маайа улуустарыгар ойуур баһаарынан уустук балаһыанньа баарын бэлиэтиир. Нерюнгригэ күүстээх ардах кэнниттэн быһыы-майгы тупсубут.
«Хас да нэһилиэнньэлээх пууннарга буруо баара үлэни мэһэйдиир. Буруо мэһэйдиир буолан, хаһыс да күнүн авиациянан бөлөҕү кыайан күүһүрдүбэккэ, баһаардары үөһээттэн кыайан көрбөккө олоробут. Этиҥнээх ардах салҕанан барарыттан, салгын ааллара кыайан көппөттөр. Билигин саамай сүрүн сыал-сорук — нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһуо суохтаах«, — диир кини.
Суукка саҕаланыыта Саха сиригэр 159 ойуур баһаара уонна 2 ландшафтнай баһаар бэлиэтэммитэ. Алдан, Бүлүү, Ленскэй, Уус Маайа улуустарынан уопсайа 42 тыһ. гектар иэннээх сири хаппыт баһаар бохсуллубута.. Ойуур уотун умуруорууга 1827 киһи, 143 тиэхиньикэ, салгын ааллара үлэлииллэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…