Саха сиригэр хаһаайына суох бэйдиэ сылдьар кыыллары иитии тэрээһиннэригэр үбүлээһини улаатыннаран, 100 мөл. солк. диэри тиэрдэр былааннаахтар.
Ил Түмэҥҥэ олохтоох салайыныы уорганнарыгар эбии боломуочуйаны сүктэрэр туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоҥҥа уларытыы киллэрэргэ сокуон барыла үөрэтиллэр диэн норуот дьокутаата Александр Атласов иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, үбүлээһин методиката өссө 2014 сыллаахха ылыллыбыта. Бу сайын бэйдиэ сылдьар кыыллар ахсаанын аҕыйатыыга уонна тэрээһиннэрин чопчу быһаарыыга үлэ бэрээдэгин олохтооһун туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон ылыллыбыта ситэриллиэхтээх.
Сокуон барылынан приюттар дьиэлэрин көрүүгэ, хаһаайыттара суох кыыллары көрүүнү-истиини салайыыга, кыыллары өлөрүүгэ уонна өлүктэрин хомуйууга, хаһаайына суох кыыллары иитиигэ бары ороскуоттарын учуоттуур. «Сокуон барылыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр субвенцияны анааһын уонна туһаныы уопсай кээмэйин чопчу учуоттаан ааҕылынна», — диэтэ Александр Атласов. Сокуон барылынан 2024 сылга үбүлээһин кээмэйин 100,6 мөл. солк. диэри улаатыннарар былааннанар. Бу бүдьүөккэ эбии 20,6 мөл. солк. көрүллэрэ ирдэнэр.
Ону таһынан сокуон бырайыагынан үп-харчы туһаныллыбатаҕына, субвенцияны төннүннэрэр болдьоҕо учуоттанна. Ону тэҥэ сокуон барылынан эрэгийиэннээҕи сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, быстах кэмҥэ кыыллары тутар пууннарга кыыллары тутар болдьоҕо 10 хонукка, салгыы приюттарынан 20 хонукка тэҥнэһэр.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…