Саха сиригэр бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ баран, халаан содулун кыччатта

Share

Сааскы халааҥҥа эрдэттэн бэлэмнэниии үлэлэрэ: күргэлэри үрдэтии, гидротехническай тутуулары бэрэбиэркэлээһини ыытыы кыра өрүстэр халааннаан улахан содуллаах буолуохтарын харгыстаата диэн Айсен Николаев ГТРК «Саха» ханаалын «Быһа кэпсэтии» биэриитигэр эттэ.

Билиҥҥитэ Саха сирин сүрүн өрүһүгэр, Өлүөнэ эбэҕэ, муус этэҥҥэ устан Дьокуускай куорат аннынан ааһан эрэр. Бастаан утаа кыра өрүстэр, үрэхтэр хааларыттан тахсан Горнайга, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка ыксаллаах быһыыны-майгыны үөскэтэ сырытта.

Айсен Николаев Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа сабаҕалааһына туолбутун, өрөспүүбүлүкэ киин өттүгэр элбэх сөҥүүттэн, ууттан-хаартан сылтаан кыра өрүстэр хааларыттан тахса сылдьыбыттарын, сэрэппиппит курдук, кыра өрүстэргэ уустук балаһыанньа үөскүү сырытта диэн бэлиэтээн эттэ.

«Кыра өрүстэр, үрэхтэр хааларыттан тахсаннар дьон олорор дьиэлэрин уонна тиэргэннэри кыратык уу ыла сырытта. Ол эрээри, эрдэттэн сөптөөх  дьаһаныы түмүгэр этэҥҥэ ааста. Күргэлэри үрдэтии, гидротехническай тутуулары бэрэбиэркэлээһин, мууһу кэбирэтэр үлэлэр айылҕа таһаарыан сөптөөх иэдээнин кыччаттылар. Инникитин муус Саха сирин  өрүстэригэр этэҥҥэ устуо диэн эрэнэбит», – диэтэ Айсен Николаев.

Билиҥҥитэ, кырдьык, улахан куттал суох курдук, ол гынан баран Өлүөнэ өрүскэ наар харыы тахсар. Нам улууһун учаастактарыгар уонна хоту Халыма өрүһүгэр муус уста илик. Хоту сир ньуура тэҥ буолан, Халыма өрүскэ харда даҕаны уу тахсар. Ол курдук бэҕэһээ Зырянка аннынан устубут муус хара сырытта, аэропортарын көтөр балаһата эмиэ ууга барда диэн кэпсээтэ Ил Дархан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

2 часа ago