Саха сиригэр биэс ойуур баһаарын умуруордулар

Share

Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр 1340 га иэннээх биэс ойуур баһаарын Муома, Өймөкөөн, Усуйаана уонна Томпо оройуоннарыгар умуруордулар. Бу туһунан бэс ыйын 28 күнүгэр экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. 

Билигин уопсайа 364, 7 га иэннээх 10 ойуур баһаара уонна 75 га иэннээх ландшафтнай баһаар баар. Уот Алдан, Амма, Булун, Үөһээ Бүлүү, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Уус Маайа уонна Усуйаана оройуоннарыгар умайар.

Быйыл сааскыттан Саха сиригэр 6861,8 га иэннээх сиргэ 56 ойуур баһаара буолбут. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, бу кэмҥэ 105 589 га иэннээх 189 баһаар баар этэ.

Амма, Ньурба, Өлүөхүмэ, Таатта уонна Өймөкөөн оройуоннарыгар 4-с кылаастаах баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ олохтонно.

Этиҥнээх ардах элбээн, өрөспүүбүлүкэ илин уонна хоту-илин өттүгэр тыаҕа баһаар тахсыан сөп. Онон экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ олохтоохтору тыаҕа улахан наадата суох тахсыман диэн этэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

13 часов ago