Саха сиригэр биэс сыл иһигэр сымыытынан хааччыллыы 10 % улаатта

Саха сиригэр биэс сыл иһигэр сымыытынан хааччыллыы 10 % улаатта

06.01.2024, 17:07
Хаартыска Ил Дархан пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ааспыт биэс сылга сымыыты оҥорон таһаарыы эбийиэктэрин тэтимнээхтик сайыннарыы суотугар Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыгар сымыыты оҥорон таһаарыы кээмэйэ 60-тан 97 мөл. устуукаҕа диэри үрдээтэ, оттон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сылга 133-тэн 165 мөл. устуукаҕа диэри тиийдэ.

Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыгар билигин өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйар биир бастыҥ көрдөрүүлээх тэрилтэнэн буолар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун сымыытынан хааччыйыы таһыма 2018-2023 сылларга 54 %-тан 64 %-ҥа диэри үрдээтэ. 2022 сыл ахсынньытыгар 240 тыһыынча эбит буоллаҕына, билигин күн аайы 325 тыһыынчаттан тахса көтөр сымыыта фабрика конвейерыттан тахсар. Онон күҥҥэ оҥорон таһаарыы кээмэйэ 35% тэҥнэстэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката киин куоракка бэйэтин маҕаһыыннарын тиһигин арыйан сыанатын үрдэппэккэ атыылыыр. Ону таһынан оҕо, үөрэх тэрилтэлэригэр бородууксуйатын быһа тириэрдэр тиһиги тэрийдэ.

Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын генеральнай дириэктэрэ Наталья Дягилева этэринэн, 2024 сылга тэхэньиичэскэй хааччыллыыны салгыы ыытыахтара. Маннык үлэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туруорбут ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйар сорук чэрчитинэн барар. Ол курдук билигин эбии аһылыгы оҥорон таһаарар сыахтары саҥардыы, көтөрү өлөрөн астыыр сыах тутуутун бырайыагынан үлэ барар. Саҥа дьыл иннинэ, ахсынньы 29 күнүгэр, эдэр кууруссалары иитэр сыах саҥардыллан түмүктэннэ.

Фабрика 2024 с. өрөспүүбүлүкэ салалтата туруорбут сылга 100 мөл. сутуука сымыыты оҥорон таһаарар соругун толорор былааннаах.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: