Саха сиригэр биир кэлим босуобуйа 44 тыһ. тахса оҕо төрөппүттэригэр ананна

Share

Сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр биир кэлим босуобуйа 44 238 оҕо төрөппүттэригэр уонна 876 оҕо күүтэр  ийэлэргэ ананна.

Бу сыалга Арассыыйатааҕы социальнай пуонда Саха сиринээҕи отделениета өрөспүүбүлүкэ дьиэ кэргэттэригэр 2 млрд солк. тахса суумалаах үбү-харчыны ыыппыта. Бу туһунан кулун тутар 26 күнүгэр Арассыыйатааҕы социальнай пуондатын оҕолоох дьиэ кэргэттэр социальнай хааччыйыы управлениетын начаалынньыга Сардаана Ефимова иһитиннэрдэ.

«Оҕолор төлөбүрдэрин кээмэйэ 50%, 75% эбэтэр 100%-наах оҕо тиийинэн олорор алын кээмэйиттэн эбэтэр үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ дохуоттарыттан көрөн ананар. Төлөбүрү анааһын дьиэ кэргэн дохуотун уонна баайын-дуолун сыанабылыттан ааҕыллар, ону тэҥэ төрөппүттэр дьарыктаах буолуулара эбэтэр дохуот суоҕун араас биричиинэлэрэ учуоттаналлар. Биир кэлим босуобуйа Арассыыйа гражданнарыгар бэриллэр», — диэн Сардаана Ефимова быһаарда.

Кини дьиэ кэргэн дохуотугар үлэттэн дохуот киллэринии, биэнсийэ, босуобуйа, кэмпэнсээссийэ уонна истипиэндьийэ; алименнартан дохуот, быраабы араҥаччылыыр үлэһиттэр дохуоттара; Сэбилэниилээх күүстэр биэдэмистибэлэр үлэһиттэрин харчынан дуоһуйуулара; чааһынай урбаннар дохуоттара, сыаналаах кумааҕылартан, харчыттан дохуот уонна баайы- дуолу куортамҥа биэрии дохуота учуоттанар.

Төрөппүттэргэ төлөбүрдэрин ыларга « Госуслуги» портал нөҥүө электроннай көрүҥүнэн эбэтэр Арассыыйатааҕы социальнай пуонда отделениетыгар сайабылыанньа биэриэххэ наада. Биир кэлим босуобуйа биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиннэрин чэрчитинэн ааҕыллар. Биир сайабылыанньаҕа 17-гэр диэри саастаах хас биирдии оҕону сонно тута ыйыахха сөп.

«Сайабылыанньаны көрүү 10 үлэ хонук устата ыытыллар. Сорох түгэннэргэ муҥутуур болдьоҕо 30 үлэ күнүгэр ааҕыллар. Босуобуйа 5 үлэ күнүн устата анааһын туһунан бастакы быһаарыы ылыллыбытын кэннэ төлөнөр. Салгыы төлөбүрдэр баан счетугар эбэтэр буочта кыраапыгынан ый ахсын 3 чыыһылаҕа төлөнөр», — диэн Сардаана Ефимова иһитиннэрдэ.

Биир кэлим босуобуйа 12 ыйга ананар. Босуобуйаны салгыы ылар наадатыгар, Арассыыйатааҕы социальнай пуонда отделениетыгар саҥа сайабылыанньа биэриэххэ наада.

 СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

8 часов ago