Саха сиригэр биир ойуур баһаарын умуруораллар

Ааспыт суукка устата Саха сиригэр саҥа ойуур баһаара тахсыбыта бэлиэтэммэтэ. Дьааҥы улууһугар 590 га иэннээх сиргэ умайар биир баһаары умуруоруу үлэтэ салҕанар. Манна 34 киһи үлэлии сылдьар.
Тэҥнээн көрөр буоллахха, былырыын баччаларга 341 031 га иэннээх сиргэ 139 ойуур баһаара баара.
Быйыл сайын саҕаланыаҕыттан уопсайа 60 307,45 гаа иэннээх сиргэ 331 баһаары умуруордулар, ол иһигэр ойуур пуондатын сиригэр-уотугар — 53 830,45 гаа иэннээх сиргэ умайбыт 146 ойуур баһаарын.
Ил Дархан ыйааҕынан, бэс ыйын 5 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар барытыгар баһаары утары ураты эрэсиим олохтоммута. Маны тэҥэ, Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Эбээн Бытантай улуустарыгар, Жатайга, Дьокуускайга баһаары утары территориальнай ураты эрэсиим олохтоммута.
Ойуур баһаара тахсыбытын көрдөххүтүнэ, Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчесркэй сулууспатыгар эрийиҥ: 7 (4112) 44-74-76. Эбэтэр, ойуур харыстабылын нүөмэригэр: 8-800-100-94-00.
Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/7012
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: