Саха сиригэр бултуурга көҥүлү биэрэн эрэллэр

Share

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ бөрөнү бултуурга көҥүлү биэрии саҕаламмытын туһунан иһитиннэрэр.

Уопсай бултуур сирдэргэ любительскай бултааһыҥҥа анаан булт көҥүлүн  ылыы сайабылыанньата маннык көрүҥнэринэн ылыллар:

  • Күн аайы судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр эрэгийиэннээҕи порталларын нөҥүө электроннай сайабылыанньаны биэриинэн: https://e-yakutia.ru/#/service/1400000000160255394/info;
  • СӨ Экологияҕа министиэристибэтигэр судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүүтүн инспекциятыгар эбэтэр кэмитиэтигэр тиийэн биэрэҕин, хас  нэдиэлэ ахсын оптуорунньукка 9.00 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри, эбиэт кэмэ 13:00 чаастан 14:00 ч. диэри;
  • “Мин докумуоннарым” судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрү оҥорор офистарга.

Итинник тус бэйэҥ сайабылыанньаны оптуорунньукка эрэ биэрэҕин, атын күннэргэ исписэлиистэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр эрэгийиэннээҕи порталларын: https://e-yakutia.ru/#/service/1400000000160255394/info нөҥүө киирбит сайабылыанньаларынан үлэлииллэр.

Дьокуускайга булт көҥүлүн маннык аадырыска биэрэллэр: Дьокуускай, 202 мкр., корпус 18/2, 2 этээс (Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүү кэмитиэтигэр).

2024 сыл от ыйын 15 күнүттэн ууга устар, хонуу-бадараан, истиэп көтөрдөрүн легавай, ретривер, спаниель ыттарынан уонна тутан ылар көтөрдөрүнэн бултатар көҥүлү биэриигэ сайабылыанньаны ылаллар.

«Булт сезонун саҕана уочаракка турбат курдук, булт көҥүлүн ылыыга эрдэттэн сайабылыанньа биэриҥ», — диэн Экология министиэристибэтэ булчуттары ыҥырар.

Кынаттаах көтөрү бултуурга сайыҥҥы-күһүҥҥү булт болдьоҕо:

  • Бадараан-хонуу көтөрдөрүгэр ( легавай, ретривер, спаниель ыттарынан уонна тутан ылар көтөрдөрүнэн бултатыы) – атырдьах ыйын 15 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри;
  • Мас көтөрө, истиэп, хонуу көтөрө (легавай, ретривер, спаниель ыттарынан уонна тутан ылар көтөрдөрүнэн бултатыы) – атырдьах ыйын 15 күнүттэн олунньу 28 (29) күнүгэр диэри;
  • Ууга устар көтөргө (легавай, ретривер, спаниель ыттарынан уонна тэбэн түһэрэр көтөрдөрүнэн бултатыы) – атырдьах ыйын иккис субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри);
  • Бадараан-хонуу уонна ууга устар көтөрдөргө – атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри;
  • Истиэп уонна хонуу көтөрүгэр —  атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри;
  • Мас көтөрүгэр күһүҥҥү кэмҥэ: улар, куртуйах, бочугурас — атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри;
  • Маҥан уонна туундара курупааскытыгар —  атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан муус устар 20 күнүгэр диэри.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
3

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юлия Белехова ХИФУ-га сырытта

Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?

«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Ийэ күнүгэр төрөөбүт оҕолору таһаардылар

Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйаҕа дьиэ кыылын ииримтийиитэ суоһуур дуо?

Бу күннэргэ кэккэ СМИ-нэн Омскай, Амур уобаластарын уонна Санкт-Петербург, Краснодар, Москва куораттарын олохтоохторо ииримтийбит ыттарга…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка тэлэбииһэр уорбут 30 саастаах дьахтары туттулар

Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт. Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк.…

8 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Казахстаҥҥа сырытта

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сэтинньи 27-28 күннэригэр Казахстаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Казахстан бэрэсидьиэнин Касым-Жомарт…

8 часов ago