Саха сиригэр буруйу оҥорууну арыйыы ахсаана үрдээтэ
Ил Дархан Айсен Николаев Ис дьыала министиэристибэтин гражданнар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ, буруйу оҥорууну утары охсуһууга уонна уопсастыбаннай бэрээдэги тутуһууга кэллиэгийэ мунньаҕар кыттыыны ылла.
Кини управление үлэтин биир түмүгүнэн буруйу оҥорууну арыйыы уопсай көрдөрүүтэ үрдээбитигэр министиэристибэ тус састаабыгар махтанна. Статистика көрдөрөрүнэн, Саха сирэ Уһук Илин уокуругар буруйу арыйыы ахсаанынан саамай үрдүк көрдөрүүлээх уон эрэгийиэн иһигэр киирдэ. 2024 сыл түмүгүнэн, буруйу оҥорууну арыйыы уопсай көрдөрүүтэ 56,3% тэҥнэстэ. Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка — 48,4%, Арассыыйаҕа — 49,2% орто көрдөрүүнү биллэ аһарар. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга кэлиҥҥи кэмҥэ информационнай-коммуникационнай технологиялары туһанан буруйу оҥоруу, үбү-харчыны ыраахтан уоруу ахсаана элбээн иһэринэн, бүддьүөт үбүн уорууну утары үлэҕэ, сокуоннайа суох урбааны боборго ураты болҕомтолоох үлэ эрэйиллэрин бэлиэтээтэ.
“Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх, Аҕа дойдуну көмүскээччи уонна Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларыгар, өрүү инники күөҥҥэ сылдьар быраабы араҥаччылыыр уорганнар судаарыстыба көмүскэлин туһугар көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөргө, ыччаты патриотизм тыыныгар иитиигэ холобур буолуохтара», — диэн кэллиэгийэҕэ бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: