Саха сиригэр буруйу оҥорууну арыйыы ахсаана үрдээтэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Ис дьыала министиэристибэтин гражданнар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ, буруйу оҥорууну утары охсуһууга уонна уопсастыбаннай бэрээдэги тутуһууга кэллиэгийэ  мунньаҕар кыттыыны ылла.

Кини управление үлэтин биир түмүгүнэн буруйу оҥорууну арыйыы уопсай көрдөрүүтэ үрдээбитигэр министиэристибэ тус састаабыгар махтанна.   Статистика көрдөрөрүнэн, Саха сирэ Уһук Илин уокуругар буруйу арыйыы ахсаанынан саамай үрдүк көрдөрүүлээх уон эрэгийиэн иһигэр киирдэ. 2024 сыл түмүгүнэн, буруйу оҥорууну арыйыы уопсай көрдөрүүтэ 56,3% тэҥнэстэ. Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка  — 48,4%, Арассыыйаҕа — 49,2% орто көрдөрүүнү биллэ аһарар. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга кэлиҥҥи кэмҥэ информационнай-коммуникационнай технологиялары туһанан буруйу оҥоруу, үбү-харчыны ыраахтан уоруу ахсаана элбээн иһэринэн, бүддьүөт үбүн уорууну утары үлэҕэ, сокуоннайа суох урбааны боборго ураты болҕомтолоох үлэ эрэйиллэрин бэлиэтээтэ.

Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх, Аҕа дойдуну көмүскээччи уонна Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларыгар, өрүү инники күөҥҥэ сылдьар  быраабы араҥаччылыыр уорганнар судаарыстыба көмүскэлин туһугар көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөргө, ыччаты патриотизм тыыныгар иитиигэ холобур буолуохтара», — диэн кэллиэгийэҕэ бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

«Хаҥалас хапсаҕайа»

Олунньу 1-2 күннэригэр «Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар «Хаҥалас хапсаҕайа» хапсаҕай тустуутугар норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии  ыытыллыаҕа.…

28 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Өбүгэ ситимэ

Өбүгэлэриҥ эмиэ тыыннаах киһи курдук үөрэллэр уонна хоргуталлар.  Өскөтүн эн ийэҕэр, аҕаҕар, бииргэ төрөөбүттэргэр, аймахтаргар…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Аҕаларын үтүө дьыалатын салҕаан

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ пресс-тур тэрийэн, бэҕэһээ, 20 суруналыыһы уонна блогеры илдьэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Чэгиэн

СҮБЭҺИТ: Битэмиин тиийбэт буоллаҕына

Кыһыҥҥы кэмҥэ киһи доруобай, чөл туруктаах буоларыгар, таһыттан киирэр араас дьайыыга эт-хаан утарсыытын күүһүрдэригэр быраастар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Азия, Тиихэй акыйаан кытылыгар: Арассыыйа уонна Япония

“Биһиги икки кынаттаахпыт, Европа уонна Азия”, – диэн биһиги Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев эппитэ билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөнэ муостатын тутуу үһүс түһүмэҕэ бигэргэннэ

Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ бырайыага Арассыыйа бэрэсидьиэнин Владимир Путин өйөбүлүн ылан, концессия услуобуйатыгар тутуллан эрэр.…

2 часа ago