Саха сиригэр бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр хамнас үрдүөҕэ

Share

СӨ Бырабыыталыстыбата бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн дойду Бэрэсидьиэнин 2012 с. ыам ыйынааҕы Ыйааҕынан, 12 араас бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр хамнас төлөбүрүн үрдэтэр туһунан быһаарыы ылынна.

Маннык Уурааҕы СӨ Бырабыыталыстыбатын мунньаҕар премьер-миниистир Кирилл Бычков салайааччылаах мунньаҕар көрдүлэр.

Үлэ төлөбүрүн үрдэтии бүддьүөт эйгэтин 54 тыһыынчаттан тахса үлэһиттэрин таарыйыаҕа: учууталлар, иитээччилэр, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин педагогтара, научнай үлэһиттэр, үрдүк уонна орто анал үөрэх кыһаларын преподавателлэрэ, мэдиссиинэ, култуура уонна социальнай үлэһиттэр хамнастара үрдүөҕэ.

Маны таһынан, СӨ Бырабыыталыстыбатынан сөптөөх хамнаһы хааччыйар сыалтан, «атын» категориялаах  57 тыһыынча үлэһиттэригэр бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн 5,5 %  хамнас үрдэтиллибитэ.

Бу сыалга Саха сирин бүддьүөтүттэн барыта 5,1 млрд. солк. көрүллэн ыытыллыахтаах.

Ылыныллыбыт быһаарыынан, СӨ судаарыстыбаннай ситэриилээх былааһын уорганнара бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнастарын  туһунан балаһыанньаларга уларытыылары киллэриэхтэрэ.

СӨ ИЛ Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
6
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

21 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул сэтинньини анаарда

Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга халыҥ таҥаһы хомуйуу сэтинньи бүтүөр диэри салҕанар

Бу туһунан бүгүн  #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ.  "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чараас муус кутталлаах

Оҕолор снегоходунан Бүлүү эбэни туоруур видеолара тарҕанна. Суруйбуттарынан Үөһээ Бүлүү улууһугар диэбиттэр. Бу туһунан Саха…

12 часов ago