Салгыы
Саха сиригэр бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара эбиллиэҕэ

Саха сиригэр бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара эбиллиэҕэ

18.10.2022, 12:37
Бөлөххө киир:

Саха сирин бырабыыталыстыбата бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин кэккэ араҥатын хамнастарын үрдэтэр туһунан быһаарыы ылынна. Хамнас пуондатын үрдэтии иккис түһүмэҕэр бүддьүөт 43,3 тыһыынчаттан тахса үлэһитин хамнаһа үрдүөҕэ.

Ол  курдук, хамнаһы хос ааҕыы бу сыл бүтүөр диэри оҥоһуллуоҕа. Бу сыалга-сорукка 1,5 миллиартан тахса солкуобай эбии ыытыллыаҕа.

Ол курдук, хос ааҕыы оҥоһуллуоҕа:

9,2%  — уопсай үөрэхтээһин педагогическай үлэһиттэригэр, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэригэр, үрдүк үөрэх преподавателларыгар уонна педагогическай үлэһиттэригэр, быраастарга, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго социальнай өҥөнү оҥорор социальнай үлэһиттэргэ уонна педагогическай үлэһиттэргэ;

8,2% — үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин орто мэдиссиинискэй үлэһиттэригэр;

7,0% — орто профессиональнай үөрэхтээһин преподавателларыгар уонна производственнай үөрэхтээһин маастардарыгар;

3,0 % — култуура тэрилтэлэрин сүрүн үлэһиттэригэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: