Саха сирин бырабыыталыстыбата бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин кэккэ араҥатын хамнастарын үрдэтэр туһунан быһаарыы ылынна. Хамнас пуондатын үрдэтии иккис түһүмэҕэр бүддьүөт 43,3 тыһыынчаттан тахса үлэһитин хамнаһа үрдүөҕэ.
Ол курдук, хамнаһы хос ааҕыы бу сыл бүтүөр диэри оҥоһуллуоҕа. Бу сыалга-сорукка 1,5 миллиартан тахса солкуобай эбии ыытыллыаҕа.
Ол курдук, хос ааҕыы оҥоһуллуоҕа:
9,2% — уопсай үөрэхтээһин педагогическай үлэһиттэригэр, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэригэр, үрдүк үөрэх преподавателларыгар уонна педагогическай үлэһиттэригэр, быраастарга, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго социальнай өҥөнү оҥорор социальнай үлэһиттэргэ уонна педагогическай үлэһиттэргэ;
8,2% — үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин орто мэдиссиинискэй үлэһиттэригэр;
7,0% — орто профессиональнай үөрэхтээһин преподавателларыгар уонна производственнай үөрэхтээһин маастардарыгар;
3,0 % — култуура тэрилтэлэрин сүрүн үлэһиттэригэр.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…