Салгыы
Саха сиригэр бүгүн ардах, сорох сиринэн инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр

Саха сиригэр бүгүн ардах, сорох сиринэн инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр

Ааптар:
12.09.2024, 07:00
sakha-sire.ru хаартыската.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр бүгүн, балаҕан ыйын 12 күнүгэр, үгүс оройуоннарынан ардах уонна ардыгар инчэҕэй хаар түһэрэ сабаҕаланар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ соҕуруулуу-илин, илин өттүгэр кыралаан ардыыр, хайалаах сирдэринэг инчэҕэй хаар түһүөҕэ, киин улуустарга ардыыр, күнүс хотугулуу-арҕаа инчэҕэй хаардаах ардах түһэрэ күүтүллэр. Кыра тыаллаах, киин улуустарга сөкүүндэҕэ 15-18 м түргэннээх күүстээх тыал түһэрэ сабаҕаланар. Оттон хотугулуу-арҕаа, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан, соҕуруу улуустарынан сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээх тыалырыа, Анаабырга, Булуҥҥа  сөкүүндэҕэ 19-24 м түргэннээх дохсун тыал түһэрэ күүтүллэр.

Салгын температурата Саха сиригэр түүн +1+6°С, былыта суох буоллаҕына -3°С кыраадыс диэри тымныйар, хотугулуу-илин 0,-5°С кыраадыс тымныйар. Күнүс салгын температурата +7+12°С, сөҥүүлээх буоллаҕынан +2+7°С кыраадыс сылаас.

Дьокуускайга салгын температурата түүн +5+7°С, күнүс +10+12°С кыраадыс сылаас.Түүн ардыыр, күнүс сөҥүүтэ суох, хотугулуу-арҕааттан 4-9 м. түргэннээх тыаллах, түүн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх тыалырыа, күнүс сөкүүндэҕэ 15-18 м. күүстээх тыал түһүө.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 59% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: