Салгыы
Саха сиригэр быйыл 4 тыһыынчаттан тахса ыалга ийэ хапытаалыттан ыйдааҕы төлөбүр анаммыт

Саха сиригэр быйыл 4 тыһыынчаттан тахса ыалга ийэ хапытаалыттан ыйдааҕы төлөбүр анаммыт

10.12.2024, 18:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Ийэ хапытааллаах дьон хапытаал харчытыттан оҕо үс сааһын туолуор диэри ыйдааҕы төлөбүр оҥорторор бырааптаахтар. 2024 сыл саҕаланыаҕыттан РФ Саха сиринээҕи социальнай пуондатын салаата маннык төлөбүрү 4208 сайаапка ыыппыт киһиэхэ анаабыт. Бу туһунан ахсынньы 10 күнүнээҕи брифинг кэмигэр управляющай Марина Герман иһитиннэрдэ.

“Бу төлөбүр 3 сааһыгар диэри төрөппүт эбэтэр иитэ ылбыт оҕолоох дьоҥҥо көрүллэр. Маныаха сайабылыанньаны биэрэр кэмҥэ дьиэ кэргэн дохуотун орто кээмэйэ, эрэгийиэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн икки бүк үрдүө суохтаах. Саха сиригэр бастакы зонаҕа дьиэ кэргэн орто дохуотун икки төгүл кээмэйэ 54 602 солк. тэҥнэһэр, иккис зонаҕа – 45 734 солк. Биир оҕоҕо, оҕолорго көрүллэр эрэгийиэннээҕи алын тиийинэн олоруу кээмэйдээх босуобуйа төлөнөр. 2024 сылга бу бастакы зонаҕа 27 847 солк. тэҥнэһэр, иккис зонаҕа – 23 325 солк.” ,– диэн Марина Герман иһитиннэрдэ.

Өскөтүн дьиэ кэргэн үһүгэр диэри саастаах хас да оҕолоох буоллаҕына, ыйдааҕы төлөбүр хас биирдии оҕоҕо оҥоһуллуон сөп. Маны Судаарыстыбаннай өҥө порталынан, Арассыыйатааҕы социальнай пуонда салаатыгар эбэтэр МФЦ оҥорторуохха сөп.

Ону тэҥэ, ийэ хапытаалын олорор усулуобуйаны тупсарарга, инбэлиит оҕолор уопсастыбаҕа социальнай адаптацияланыыларыгар аналлаах табаары, өҥөнү ыларга, оҕону үөрэттэрэргэ, биир төрөппүт биэнсийэтин мунньуллар чааһыгар туһаныахха сөп.

Ону  таһынан, өскөтүн ыйыллыбыт сууманы аһара барбат суума хаалбыт түгэнигэр, биир кэмнээх 10 тыһ. солк. суумалаах төлөбүргэ сайабылыанньа суруйуохха сөп.

Ыйытыыларга РФ Саха сиринээҕи социальнай пуондатын салаатын контакт-киинэ хоруйдуур : 8 (800) 100-00-01 (босхо).

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: