Саха сиригэр быйыл 7 автоматизированнай гибриднэй энергокомплекстары үлэлэтиэхтэрэ
Быйыл Саха сиригэр 7 саҥа гибриднэй энергетическэй комплекстары (АГЭК) үлэҕэ киллэриэхтэрэ диэн СӨ ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.
«Гибриднай электроыстаансыйа көмөтүнэн олохтоохтор чэпчэки сыаналаах, экология өттүнэн ыраас уонна бигэ эрэллээх электроэнергияны туһаныахтарын сөп. Бу ыраах сирдэринэн нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтэри ситиһиллэр», — диэн урут Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитэ.
Саҥа ыстаансыйалар Томпо улууһун Тополиное, Өлүөхүмэ улууһун Саныйахтаах, Урицкай уонна Дабаан, Өймөкөөн улууһун Куйдуһун уонна Орто Балаҕан бөһүөлэктэринэн холбонуохтара.
Автоматизированнай энергияны сөргүтүүгэ үлэлиир гибриднэй комплекстар дизельнэй, күн сардаҥатынан үлэлиир электроыстаансыйалаахтар.
Хас биирдии энергокомплекс элэмиэннэрэ уматыгы кэмчилээһин саамай көдьүүстээх үлэтин хааччыйар автоматизированнай тиһиккэ холбоннулар. Комплекс уматыгы туһаныыны 30%- ҥа диэри аччатар.
2020 сылга Саха сирин Бырабыыталыстыбата уонна «РусГидро» ПАУо түһэрсибит сөбүлэһиинэн автоматизированнай гибриднэй энергокомплексы оҥорон таһаарар 72 дизельнэй электрыстаансыйаны 19 улуустарынан саҥардыыта былааннанар. Сөбүлэһии 7 млрд солк. суумаҕа чааһынай инвестиция суотугар оҥоһуллар. Билигин комплекстар Үөһээ Дьааҥы, Муома улуустарынан таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: