Саха сиригэр быйыл 7 автоматизированнай гибриднэй энергокомплекстары үлэлэтиэхтэрэ

Share

Быйыл Саха сиригэр 7 саҥа гибриднэй энергетическэй комплекстары (АГЭК) үлэҕэ киллэриэхтэрэ диэн СӨ ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.

«Гибриднай электроыстаансыйа көмөтүнэн олохтоохтор чэпчэки сыаналаах, экология өттүнэн ыраас уонна бигэ эрэллээх электроэнергияны туһаныахтарын сөп. Бу ыраах сирдэринэн нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтэри ситиһиллэр», — диэн урут Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитэ.

Саҥа ыстаансыйалар Томпо улууһун Тополиное,  Өлүөхүмэ улууһун Саныйахтаах, Урицкай уонна Дабаан, Өймөкөөн улууһун Куйдуһун уонна Орто Балаҕан бөһүөлэктэринэн холбонуохтара.

Автоматизированнай энергияны сөргүтүүгэ үлэлиир гибриднэй комплекстар  дизельнэй, күн сардаҥатынан үлэлиир электроыстаансыйалаахтар.

Хас биирдии энергокомплекс элэмиэннэрэ уматыгы кэмчилээһин саамай көдьүүстээх үлэтин хааччыйар автоматизированнай тиһиккэ холбоннулар. Комплекс уматыгы туһаныыны 30%- ҥа диэри аччатар.

2020 сылга Саха сирин Бырабыыталыстыбата уонна «РусГидро» ПАУо түһэрсибит сөбүлэһиинэн автоматизированнай гибриднэй энергокомплексы оҥорон таһаарар 72 дизельнэй электрыстаансыйаны 19 улуустарынан саҥардыыта былааннанар. Сөбүлэһии 7 млрд солк. суумаҕа чааһынай инвестиция суотугар оҥоһуллар. Билигин комплекстар Үөһээ Дьааҥы,  Муома улуустарынан таһаарыылаахтык үлэлииллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

6 часов ago