Саха сиригэр быйыл иккис үс игирэ оҕо күн сирин көрдө
28.11.2024, 08:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Сэтинньи 27 күнүгэр Саха сиригэр быйыл иккис үс игирэ оҕо күн сирин көрдө.
Үс уол оҕо, 1600, 1770 уонна 1980 грамм ыйааһыннаах, сэтинньи 27 күнүгэр сарсыарда 1 №-дээх Мэдиссиинэ национальнай киинигэр төрөөтүлэр. «Биһиги кииммитигэр үс игирэ быйыл иккиһин төрөөтүлэр. Хаҥалас оройуонуттан ийэ бэһис төгүлүн төрөөтө. Билигин ийэ уонна кырачааннар быраастар кэтээн көрүүлэригэр сыталлар», — диэн 1 №-дээх Мэдиссиинэ национальнай киинин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Санатан эттэххэ, бу сыл атырдьах ыйын 6 күнүгэр Дьокуускайга балыыһаттан бастакы төрөөбүт үс игирэ оҕону үөрүүлээхтик таһаарбыттара. Оччолорго Лея, Мила уонна Юна диэн ааттаах үс кыыс оҕо күн сирин көрбүттэрэ.
+1
23
+1
+1
+1
1
+1
1
+1
1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: